Саха сиригэр кулун тутар 1 күнүттэн муус устар 31 күнүгэр «Олох олорор дьолго махтанабын» акция ыытылла турар. Акция чэрчитинэн, ким баҕалаах сөбүлүүр эмчитигэр махтал тылларын анал аккырыыккаларга суруйан ыытар. Оттон Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа—Медицина суһал киинин отделениеларыгар ыарыһахтар сыанабылларын суруйар кинигэлэригэр эмиэ үгүс махтал тылларын астына ааҕыахха сөп. Зоя Игнатьева, Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ruҮрүҥ халааттаах аанньалларга махтанабыт. Махтал сурук тыллара детсад
Үрүҥ халааттаах аанньалларга махтанабыт — Эдэр Саас
Люция Семеновна Старостина (Дьокуускай):
«Олунньу ортотугар уулуссаҕа халтарыйаммын, төбөбүнэн күүскэ баран түспүтүм. Табыллыам быатыгар, неврология отделениетыгар киллэрбиттэрэ. Бу отделениеҕа эмтэнэн, олус үчүгэй быраастар үлэлииллэрин биллим, көрдүм. Мин Анастасия Николаевна диэн эдэр бырааска түбэстим. Кини олус билиилээх, дьиҥнээх профессионал эбит. Ыарыһахтарын ис сүрэҕиттэн өйдүүр, настарыанньаларын көтөҕөр. Өссө отделениеҕа элбэх эдэр быраас үлэлиириттэн үөрдүм. Олус ыарахан үлэлээхтэрин үрдүнэн, быраастар уонна медицинскэй сиэстэрэлэр ыарыһахтарыгар болҕомтолоохтук, үлэлэригэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Улахан махталбын уонна үтүө баҕа санаабын отделение сэбиэдиссэйэ Людмила Оконешниковаҕа, быраас Анастасия Ылаховаҕа тиэрдэбин. Кинилэр курдук быраас өссө элбэҕэ буоллар».
Львовтар дьиэ кэргэттэрэ (Дьокуускай):
«Биһиги аҕабыт колопроктология отделениетыгар эмтэммитэ. Быраас Галина Смолинаҕа уонна отделение сэбиэдиссэйэ Михаил Самсоновка идэлэригэр бэриниилэрин иһин махтанабын. Кинилэр үрдүк таһымнаах хирурдар».
Нэлли Георгиевна Жданова (Хаандыга):
«Мин балыыһаҕа Хаандыгаттан санитарнай рейсинэн кэлбитим. Хирургия 1-кы отделениетыгар эмтэммитим. Отделение исписэлиистэрэ – быраастар, медицинскэй сиэстэрэлэр уонна алын сүһүөх үлэһиттэр түргэн-тарҕан үлэлэрин сөхтүм. Олохпун быыһаабыт Сардаана Леонтьеваҕа уонна Евгений О-Жи-Хоҕа нөрүөн нөргүйэбин».
Нюргустана Николаевна Габышева (Кэбээйи улууһа):
«Миигин, тугум да ыалдьыбыта биллибэт киһини, санитарнай рейсинэн аҕалбыттара. Ону үрдүк таһымнаах быраастар Саргылана Ильина уонна Владимир Попов суһаллык эпэрээссийэлээн, этэҥҥэ быыһаммытым. Хирургия 1-кы отделениетын быраастара ыарыһаҕы болҕомтолоохтук истэллэр, эн ыйытыыгар сиһилии хоруйдууллар, ыарыһахтарга барыларыгар истиҥ сыһыаннаахтар».
Н.Ю.Граф:
«Дьылҕа Хаан ыйааҕынан, Волгоградтан эһиги куораккытыгар баар буолбутум. Эмискэ эпэрээссийэлэнэр турукка киирбитим. Хирурдар Саргылана Ильинаҕа, анестезиолог Евгений Александровичка киэҥ билиилэригэр, медицинскэй сиэстэрэлэргэ болҕомтолоох сыһыаннарыгар ис сүрэхтэн махтанабын».
Г.К.Титов, А.В.Сивцев, М.В.Еремеев:
«Биһиги, 5 №-дээх балаата ыарыһахтара, хирургия 1-кы отделениетыгар хирург Евгений Гилев, бэрэбээскилиир сиэстэрэ Лидия Алексеева, пост сиэстэрэтэ Мирослава Саввина, балаата санитарката Клавдия Дмитриева курдук үтүө суобастаах үлэһиттэри балыыһа салалтата болҕомтоҕо ыларыгар баҕарабыт».
А.В.Кадочникова:
«Ыарахан туруктаах «суһал көмөнөн» киирбитим уонна аан бастаан дьуһуурунай хирург Валерий Ермолаев сырдык мичээрдээх мөссүөнүн өйдөөн хаалбытым. Кини «барыта үчүгэй буолуо» диэн уоскуппута. Онтон реанимацияҕа Саргылана Ильина кэлбитэ. Кини үтүөрэрбэр эрэллээҕэ миэхэ бэриллибитэ. Куттаммыт ыарыһахха быраастар бэйэлэригэр эрэллээхтэрэ уонна быһаарыныылаахтара хайдахтаах курдук көмөлөһөрүй? Эһиэхэ сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин».
Н.А.Горошко:
«Хирургия 2-с отделениетын хирура Константин Слепцовка махтанабын. Мин кыайан хаампат буолбутум. Ону миигин, саахар диебеттаах киһини, атахпар туруорда. Эн үөһээттэн ананан кэлбит быраас буолаҕын!»
Е.А.Куулор:
«Хирургия 2-с отделениетын кэлэктиибигэр, чуолаан, эдэр быраас Людмила Игнатьеваҕа улахан махталбын этэбин. Сайаҕас майгыгыт, үтүө санааҕыт, болҕомтолоох сыһыаҥҥыт иһин махтанабын».Екатерина Дмитриевна Шралеко:
“Хирургия 2-с отделениетын кэлэктиибигэр, быраастар Константин Слепцовка, Айсен Федоровка, орто сүһүөх үлэһиттэр Ольга Ивановаҕа, Снежана Афанасьеваҕа, Денис Жирковка махталбын тириэрдэбин. Саамай улахан махталбын медицинскэй сиэстэрэ Светлана Бусоваҕа аныыбын. Кини ыарыһахтар балааталарыгар мэлдьи мичээрдээбитинэн киирэр, барыларын кытары эйэҕэстик сэһэргэһэр, онтон тахсарыгар барыбытыгар үтүө доруобуйаны баҕарар. Ыарыһахтар көмөҕө ыҥырдахтарына, кини сүүрүүнэн кэриэтэ киирэр уонна барытын түргэнник, ыарыыта суох оҥорор. Үрүҥ халааттаах аанньал идэтин уонна ыарыһахтарын таптыыра, үтүө сүрэхтээҕэ харахха быраҕыллар. Ону сэргэ, хара сарсыардаттан илиилэрин араарбакка үлэлиир санитардар Анастасия Винокуроваҕа, Иннокентий Макеевка бары үчүгэйи баҕарабын».Р.И Степанова:
«Мин киэҥ билиилээх, гинеколог-хирург Людмила Игнатьеваны көрсүбүппэр дьылҕабар махтанабын. Кини мин кыыһым олоҕун быыһаабыта. Киэҥ дууһалаах, үтүө сүрэхтээх, үрдүк таһымнаах быраас ыарыһахтарын инники олохторун куруук саныыр. Людмила Николаевна, махтал бастыҥа!»
М.В. Поддубнай:
«Проктология отделениетын кэлэктиибин хирурдарыгар көмөҕүт уонна үтүө сыһыаҥҥыт иһин махтанабын. Инникитин да ситиһиилээх үлэни баҕарабын. Саамай «куттас» ыарыһаҕы тулуйбуккутугар махтанабын. Хирург А.А.Соловьевка ураты тылларбын тиэрдэбин».
Костровтар дьиэ кэргэттэрэ (Алдан к.):
«Убаастабыллаах Лена Александровна Кривошапкина! Биһиги уолбутун эмтээбиккитигэр ис сүрэхтэн махтанабыт. Эн кыһамньылаах, үтүө санаалаах уонна аламаҕай бырааскын! Эһиги балыыһаҕытыгар эн курдук үлэһит өссө элбии турдун».
И.А.Борисов:
«Суһал хирургия отделениетыгар үрдүк таһымнаах быраастар сүрэх ыарыһахтары анараа дойдуттан хостууллар. Эһигини аанньалгыт араҥаччылаатын».
Кондратович:
«Кардиология отделениетын үлэһиттэрэ ханнык баҕарар көмөнү уталыппакка оҥороллор. Итини отделение сэбиэдиссэйэ Сардаана Павлова сатабыллаах салайыытынан дии саныыбын».
Ефим Егорович Кардашевский:
«Анестезия-реанимация отделениетын эмчиттэригэр, сэбиэдиссэй Виктор Ковиниҥҥа кэлэктиип сатабыллаах үлэтин иһин махтанабын».
Маннык ис хоһоонноох махтал тыллар салҕанан бара тураллар. Бу сурук дьоруойдара бары «Олох олорор дьолго махтанабын» өрөспүүбүлүкэээҕи акцияҕа кыттыһаллар.
Зоя ИГНАТЬЕВА, Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
#бүгүн: 1
Сайт матырыйаалларын ааптар көҥүлэ суох ылар бобуллар.Үрүҥ халааттаах аанньалларга махтанабыт
Саха сиригэр кулун тутар 1 күнүттэн муус устар 31 күнүгэр «Олох олорор дьолго махтанабын» акция ыытылла турар. Акция чэрчитинэн, ким баҕалаах сөбүлүүр эмчитигэр махтал тылларын анал аккырыыккаларга суруйан ыытар.
Оттон Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа—Медицина суһал киинин отделениеларыгар ыарыһахтар сыанабылларын суруйар кинигэлэригэр эмиэ үгүс махтал тылларын астына ааҕыахха сөп.
Зоя Игнатьева, Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Люция Семеновна Старостина (Дьокуускай):
«Олунньу ортотугар уулуссаҕа халтарыйаммын, төбөбүнэн күүскэ баран түспүтүм. Табыллыам быатыгар, неврология отделениетыгар киллэрбиттэрэ. Бу отделениеҕа эмтэнэн, олус үчүгэй быраастар үлэлииллэрин биллим, көрдүм. Мин Анастасия Николаевна диэн эдэр бырааска түбэстим. Кини олус билиилээх, дьиҥнээх профессионал эбит. Ыарыһахтарын ис сүрэҕиттэн өйдүүр, настарыанньаларын көтөҕөр. Өссө отделениеҕа элбэх эдэр быраас үлэлиириттэн үөрдүм. Олус ыарахан үлэлээхтэрин үрдүнэн, быраастар уонна медицинскэй сиэстэрэлэр ыарыһахтарыгар болҕомтолоохтук, үлэлэригэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Улахан махталбын уонна үтүө баҕа санаабын отделение сэбиэдиссэйэ Людмила Оконешниковаҕа, быраас Анастасия Ылаховаҕа тиэрдэбин. Кинилэр курдук быраас өссө элбэҕэ буоллар».
Львовтар дьиэ кэргэттэрэ (Дьокуускай):
«Биһиги аҕабыт колопроктология отделениетыгар эмтэммитэ. Быраас Галина Смолинаҕа уонна отделение сэбиэдиссэйэ Михаил Самсоновка идэлэригэр бэриниилэрин иһин махтанабын. Кинилэр үрдүк таһымнаах хирурдар».
Нэлли Георгиевна Жданова (Хаандыга):
«Мин балыыһаҕа Хаандыгаттан санитарнай рейсинэн кэлбитим. Хирургия 1-кы отделениетыгар эмтэммитим. Отделение исписэлиистэрэ – быраастар, медицинскэй сиэстэрэлэр уонна алын сүһүөх үлэһиттэр түргэн-тарҕан үлэлэрин сөхтүм. Олохпун быыһаабыт Сардаана Леонтьеваҕа уонна Евгений О-Жи-Хоҕа нөрүөн нөргүйэбин».
Нюргустана Николаевна Габышева (Кэбээйи улууһа):
«Миигин, тугум да ыалдьыбыта биллибэт киһини, санитарнай рейсинэн аҕалбыттара. Ону үрдүк таһымнаах быраастар Саргылана Ильина уонна Владимир Попов суһаллык эпэрээссийэлээн, этэҥҥэ быыһаммытым. Хирургия 1-кы отделениетын быраастара ыарыһаҕы болҕомтолоохтук истэллэр, эн ыйытыыгар сиһилии хоруйдууллар, ыарыһахтарга барыларыгар истиҥ сыһыаннаахтар».
Н.Ю.Граф:
«Дьылҕа Хаан ыйааҕынан, Волгоградтан эһиги куораккытыгар баар буолбутум. Эмискэ эпэрээссийэлэнэр турукка киирбитим. Хирурдар Саргылана Ильинаҕа, анестезиолог Евгений Александровичка киэҥ билиилэригэр, медицинскэй сиэстэрэлэргэ болҕомтолоох сыһыаннарыгар ис сүрэхтэн махтанабын».
Г.К.Титов, А.В.Сивцев, М.В.Еремеев:
«Биһиги, 5 №-дээх балаата ыарыһахтара, хирургия 1-кы отделениетыгар хирург Евгений Гилев, бэрэбээскилиир сиэстэрэ Лидия Алексеева, пост сиэстэрэтэ Мирослава Саввина, балаата санитарката Клавдия Дмитриева курдук үтүө суобастаах үлэһиттэри балыыһа салалтата болҕомтоҕо ыларыгар баҕарабыт».
А.В.Кадочникова:
«Ыарахан туруктаах «суһал көмөнөн» киирбитим уонна аан бастаан дьуһуурунай хирург Валерий Ермолаев сырдык мичээрдээх мөссүөнүн өйдөөн хаалбытым. Кини «барыта үчүгэй буолуо» диэн уоскуппута. Онтон реанимацияҕа Саргылана Ильина кэлбитэ. Кини үтүөрэрбэр эрэллээҕэ миэхэ бэриллибитэ. Куттаммыт ыарыһахха быраастар бэйэлэригэр эрэллээхтэрэ уонна быһаарыныылаахтара хайдахтаах курдук көмөлөһөрүй? Эһиэхэ сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин».
Н.А.Горошко:
«Хирургия 2-с отделениетын хирура Константин Слепцовка махтанабын. Мин кыайан хаампат буолбутум. Ону миигин, саахар диебеттаах киһини, атахпар туруорда. Эн үөһээттэн ананан кэлбит быраас буолаҕын!»
Е.А.Куулор:
«Хирургия 2-с отделениетын кэлэктиибигэр, чуолаан, эдэр быраас Людмила Игнатьеваҕа улахан махталбын этэбин. Сайаҕас майгыгыт, үтүө санааҕыт, болҕомтолоох сыһыаҥҥыт иһин махтанабын».Екатерина Дмитриевна Шралеко:
“Хирургия 2-с отделениетын кэлэктиибигэр, быраастар Константин Слепцовка, Айсен Федоровка, орто сүһүөх үлэһиттэр Ольга Ивановаҕа, Снежана Афанасьеваҕа, Денис Жирковка махталбын тириэрдэбин. Саамай улахан махталбын медицинскэй сиэстэрэ Светлана Бусоваҕа аныыбын. Кини ыарыһахтар балааталарыгар мэлдьи мичээрдээбитинэн киирэр, барыларын кытары эйэҕэстик сэһэргэһэр, онтон тахсарыгар барыбытыгар үтүө доруобуйаны баҕарар. Ыарыһахтар көмөҕө ыҥырдахтарына, кини сүүрүүнэн кэриэтэ киирэр уонна барытын түргэнник, ыарыыта суох оҥорор. Үрүҥ халааттаах аанньал идэтин уонна ыарыһахтарын таптыыра, үтүө сүрэхтээҕэ харахха быраҕыллар. Ону сэргэ, хара сарсыардаттан илиилэрин араарбакка үлэлиир санитардар Анастасия Винокуроваҕа, Иннокентий Макеевка бары үчүгэйи баҕарабын».Р.И Степанова:
«Мин киэҥ билиилээх, гинеколог-хирург Людмила Игнатьеваны көрсүбүппэр дьылҕабар махтанабын. Кини мин кыыһым олоҕун быыһаабыта. Киэҥ дууһалаах, үтүө сүрэхтээх, үрдүк таһымнаах быраас ыарыһахтарын инники олохторун куруук саныыр. Людмила Николаевна, махтал бастыҥа!»
М.В. Поддубнай:
«Проктология отделениетын кэлэктиибин хирурдарыгар көмөҕүт уонна үтүө сыһыаҥҥыт иһин махтанабын. Инникитин да ситиһиилээх үлэни баҕарабын. Саамай «куттас» ыарыһаҕы тулуйбуккутугар махтанабын. Хирург А.А.Соловьевка ураты тылларбын тиэрдэбин».
Костровтар дьиэ кэргэттэрэ (Алдан к.):
«Убаастабыллаах Лена Александровна Кривошапкина! Биһиги уолбутун эмтээбиккитигэр ис сүрэхтэн махтанабыт. Эн кыһамньылаах, үтүө санаалаах уонна аламаҕай бырааскын! Эһиги балыыһаҕытыгар эн курдук үлэһит өссө элбии турдун».
И.А.Борисов:
«Суһал хирургия отделениетыгар үрдүк таһымнаах быраастар сүрэх ыарыһахтары анараа дойдуттан хостууллар. Эһигини аанньалгыт араҥаччылаатын».
Кондратович:
«Кардиология отделениетын үлэһиттэрэ ханнык баҕарар көмөнү уталыппакка оҥороллор. Итини отделение сэбиэдиссэйэ Сардаана Павлова сатабыллаах салайыытынан дии саныыбын».
Ефим Егорович Кардашевский:
«Анестезия-реанимация отделениетын эмчиттэригэр, сэбиэдиссэй Виктор Ковиниҥҥа кэлэктиип сатабыллаах үлэтин иһин махтанабын».
Маннык ис хоһоонноох махтал тыллар салҕанан бара тураллар. Бу сурук дьоруойдара бары «Олох олорор дьолго махтанабын» өрөспүүбүлүкэээҕи акцияҕа кыттыһаллар.
Зоя ИГНАТЬЕВА, Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
#бүгүн: 1
www.edersaas.ru
Ханнык ба5арар киhиэхэ оскуола5а
Ханнык ба5арар киhиэхэ оскуола5а
үөрэммит сыллара умнуллубат, оло5ун саамай кэрэ-бэлиэ кэмнэрэ буолаллар
Оскуоланы 1962 сыллаахха бүтэрбит о5олортон араас идэлээх, дьоңңо-сэргэ5э дириңник ытыктанар, киhи холобур туттар дьоно үгүстэр
Υрдук үөрэхтээх - 14 киhи
Орто анал үөрэхтээх – 9
Υтүөлээх улэhит – 4
Норуот үөрэ5ириитин туйгуннара – 5
Суруйааччы - 1
1962 сыллаахха бүтэрээччилэр оскуола5а 1951 сыллаахха киирбиттэр, араас оскуола5а. Тойбохойдор 51 сыллаахха нулевой, эбэтэр бэлэмнэнии кылааска киирбиттэр, кинилэр маңнайгы учууталлара Александра Кирилловна Максимова. Маңнайгы учууталларын Сидорова Галина Степановна, Степанова Антонина Ивановна олус үчүгэйдик ахталлар. Кини сылаас, сымна5ас сыhыанын, чэнчис буоларга такайбытын, кэлэр олох туhунан дьикти кэпсээннэрин умнубаттар
Степанова (Гаврильева) Антонина
Ивановна
Герцен аатынан Ленинградтаа5ы
педагогическай институт
филологическай
факультетын бүтэрбитэ
Тойбохой орто оскуолатын үрдүк
категориялаах нуучча тылын уонна
литературатын учуутала
РСФСР үөрэ5ириитин туйгуна
Саха республикатын үтүөлээх
учуутала
1951 – 1962 годы – годы учебы в Тойбохойской школе.
Чтобы написать подобие воспоминаний, я роюсь в своем школьном альбоме. Фотографий не так уж много, но каждая освежает в памяти какие-то моменты школьных лет. Оказывается, у меня несколько снимков старой (сгоревшей) двухэтажной школы с балконом и роскошным пришкольным садом, хотя раньше мы называли «участком». В том, что эти снимки я столько лет храню, может, выражается моя привязанность к школе, в которой я училась, а теперь работаю, благодарность учителям, у которых я училась.
Итак, каковы были школьные годы?
Я не помню 1 сентября 51 года, потому что по возрасту я не должна была поступать в школу. Но в то время не было детского сада, а меня не с кем было оставить, когда мать уехала в Кюкэй за моим старшим братом, которому уже пора было в школу. Так решилась моя судьба – начать учиться, выучиться читать и писать, затем всю жизнь читать и читать…
Помню солнечное утро: меня за руку ведет в школу моя первая учительница Александра Кирилловна Максимова, а по моему тогдашнему пониманию, соседка «тетя Шура». Но дома меня научили называть ее Александра Кирилловна, объяснили, что к учителю нужно обращаться именно так.
Не могу сказать, сколько нас было в классе, на фото с Александрой
Кирилловной нас 19 детей, сидим по трое за партой.
Наша учительница учила нас не только письму, чтению и арифметике, но азам гигиены, чистоплотности; рассказывала о больших городах, разных машинах… эти рассказы учили нас мечтать, пробуждали нашу любознательность.
Первый в моей жизни поход тоже связан с Александрой
Кирилловной. Это было в начале лета, тогда мне казалось, что мы шли очень долго, что трава была высокая, местами почти в мой рост. Оказывается, мы были в «Арыы», ныне парк-дендрарий. Там мы играли, гонялись за бабочками, а потом учительница угостила всех вкусными коржиками. Этот поход потом долгие годы был одним из лучших воспоминаний моего детства.
Из тех, кто на 1-й фотографии, среднюю школу вместе заканчивали только трое: мой старший брат Святослав, Галина Сидорова и я. В те годы классные коллективы не бывали стабильными: кто-то оставался на второй год, кто-то уезжал, а кто-то приезжал.
В среднем звене нашим классным руководителем несколько лет был Назар Яковлевич Бабыканов. Из этого коллектива среднюю школу закончили 6 человек: Сидорова Галя, Гаврильев Святослав, я, затем Соколов Эдуард, приехавший в 5 класс из Аллаги, Акимова Роза, Михайлова Мария из детского дома.
Из учителей, учивших нас в среднем звене, особую благодарность выразила бы Агафье Кирилловне Антоновой – учительнице русского языка. У нее мы учились стабильно хорошо, я особенно любила выполнять письменные работы и читать стихи. Были увлечены чтением книг, даже собирались после уроков, чтобы слушать рассказ учительницы об интересной книге. Приходили не по принуждению, а по собственному желанию.
Были яркие, запоминающиеся учителя. Это, например, Егор Яковлевич Иванов – учитель истории, Кирилл Афанасьевич Иванов – учитель якутского языка, Зоя Николаевна Васильева – учитель русского языка и литературы. Помню еще с начальных классов многих учительниц – молодых красивых русских девушек. Одна из них – Софья Васильевна Малышева вела у нас во 2-м классе уроки русского языка. А Алевтина Николаевна Медведева – учительница рисования – после уроков занималась со школьниками танцами.
Уроки биологии и труда вел Георгий Евдокимович Бессонов. На его занятиях теоретические знания подкреплялись практической работой: было увлечение торфо-перегнойными горшками, гидропоникой. Делали из 6-7 слоев газет картон и, наклеивая вырезанные из календаря цифры, изготавливали таблицы умножения.
Когда мы учились в 6 или 7 классе, была организована шефская работа пионеров над фермой, которая находилась в «Эhэ5э» (теперь там свалка). Каждому прикрепили телят, мы должны были за ними ухаживать. Было страшновато, но что только не делало наше поколение, если нам говорили, что это надо. Вдохновителем шефской работы была старшая пионервожатая Егорова Федора Петровна.
С 8-го класса сильно изменился состав класса, так как приехали учитЬся из окрестных сел, где были школы – семилетки.
На выпускном фото насчитываю только 19 человек, но заканчивали 28. Классным руководителем были Соколов Владимир Васильевич – физик и Дегтярев Александр Федорович – химик. Когда вспоминаю годы учебы в 9, 10 классах, удивляюсь нашей самостоятельности и тому, как доверяли нам наши учителя. Осенняя практика в Кокуну, затем поездки туда же зимой концертом – все без опеки учителей.
В старших классах у нас был сильный актив класса: комсорг Иванова Раиса, староста Гаврильев Святослав; активисты школьной комсомольской организации Сидорова Галина, Алексеев Николай и другие.
В эти годы еще больше увлеклись чтением. Была в классе группа читающих запоем девочек и мальчиков. Понравившиеся книги передавали друг другу, за ними была очередь. Не только читали, но обсуждали прочитанное, обменивались мнениями. Особенно любили романы Михайло Стельмаха, Вилиса Лациса, Ефремова и т.д. Самыми читающими были Иванова Светлана, Жиркова Дуня, Федорова Надежда, Гаврильев Святослав.
Из 28 человек нашего класса 13 получили высшее, 11 – среднее специальное образование. Есть специалисты ставшие известными не только в районе, но в республике. Это Федорова Надежда Кирилловна – заслуженный работник народного хозяйства республики, Павлова (Петрова) Валентина Николаевна – зав. Отделом краеведения республиканской библиотеки, Соколов Эдуард Дмитриевич – писатель. Кроме них есть учителя, инженеры, врач, экономист, авиатор, механизаторы…
Одним словом, нашим учителям, выпуска 1962 года, есть чем гордиться.
Алексеев Виктор Григорьевич
Саха государственнай университетын
медико-лечебнай факультетын
бутэрбитэ. Республиканскай
онкологическай диспансерга үрдүк
категориялаах хирург-эндоскопист
бырааhынан улэлиир
Россия үтүөлээх бырааhа
«Бар5арыы» фонда степендиата
Мин оскуолам сылларын ахтабын…
Мин оскуола5а киирэрбэр, о5о тэрилтэтэ үлэлээбэт буолан нулевой кылаастан са5алаабытым. Туойдаах син улахан бөhүөлэк буолан оскуола о5ото сүүрбэччэ этибит. Тойбохой хонуута киэң, улахан да этэ. Угуйа аннын кэрии маhа мэктиэтигэр кыламан са5а буолан көстөрө. О5олор эйэлээх да этилэр, сарсыарда эрдэ тымныы, күн үөhэ ойдо5уна сылыйан, хааман иhэн утуктаан, ардыгар эдьиийдэрбиттэн торулларым. Сарсыарда аhыыр диэн суох, аhылык да суо5а. оскуола балконугар таңара дьиэтиттэн хаалбыт кыра куолакал ыйанан турара. Дьэ, до5оор, ардыгар хойутаан хаалан, Тойбохой сыhыытыгар киирэн эрдэхпитинэ тыаhа бу турар курдуга. Улахан о5олор быhаарыыларынан куолакал тыаhын иhиттибит да5аны төттөру айанныыр этибит. Хончоройго турнепс, эриэппэ үүммүт сириттэн үссэнэн, сэниэ киллэрэн төннөрбут. Ардыгар сиhинэн кэлэн Хоноос өтө5өр, кыра кытаанах сүбүөкулэни сиэн уоспут, иэдэспит кып-кыhыл буолан, ону сотто сатаан туhунан түбүк. Халлаан тымныйбытын кэннэ ойо5ос кγрγө5э, пилорама турбут сиригэр колхоз интернатыгар кыстаабыппыт. Υксэ Туойдаах о5ото олорбута, кыhын мас тиэйэр уолаттар хоноллоро. Бары хайдах батан миэстэ булан утуйарбытын бу диэн ойдөөбөппγн.
Кэнники сылларга ийэбит биhигини үөрэтээри бөhүөлэктэн чугас фермаларга үлэлиирэ, биhиги онтон хааман үорэнэрбит.
А5абыт бултуу сылдьан Мухтуйа5а хаалбытыгар, онон буруйдаан биир да о5ону интернатка ылбакка, таhыттан интернатка биир эрэ о5ону ылыллара. Ийэм кыhыйда5ына кhүн аайы директорга киирэн интернат туhунан санатар этим. Ол курдук Байа (Бааңка) ферматыгар олорон тыыннаах муннукка элбэх да ымыыны туттарбытым, ол оннугар кылааспар хаалбытым. Сайынын оскуола соруда5ынан мо5отой, кγтэр туттарарбыт.
Окко о5ус сиэтэн, от мунньан, ат кыраабылынан мустаран, илиинэн от охсон сайыны бутэрэрбит.
Алын кылааска Алексей Исаевич, Мария Феоктистовна. Илья Андреевич диэн о5олорго бэрт үчүгэй сыhыаннаах,үөрэнээччилэрин өтө көрөр учууталлар үөрэппиттэрэ.
Мария Феоктистовна уонча хонук үөрэхпэр кэлбэтэхпинэ дьонунан илдьиттээн, туох да буруйа-сэмэтэ суох ыңыран уорэтэрэ. Учууталларбыт мин хааман үөрэнэрбин билэр буолан бары да5аны туох да айдаана суох аhараллара. Алексей Исаевич уонна Илья Андреевич булт туhунан көрдөөх түгэннэри кэпсээн көр-күлүү буолан уруокпутун түмүктүүрбүт. Барахсаттар киhи да быhыытынан үтүө да дьон этилэр, онон учууталга аналлаах курдуктара.
Элбэх сыратын биэрэн нуучча тылын үөрэппит Агафья Кирилловна Антонованы билигин да5аны үөрэппит о5олоро истиц-иhирэх тылынан ахталлар. Агафья Кирилловна ис сурэ5иттэн, туох баар билиитин биэрэн сылайбакка, үөрэнээччилэригэр барыларыгар тэңник сыhыаннаhан үөрэтэрэ. Диктаны куhа5аннык суруйбут о5олору иккилиитэ-үстүүтэ уруок иннигэр эбэтэр кэннигэр хос суруттаран, сыыhабытын көннөрөрбут. Ол тухары кини кыыhырбытын, куhа5ан тылы саңарбытын истибэтэ5им. Дьэ тулуур киhи, дьиңнээх учуутал этэ. Киэhэ уруок кэнниттэн аахпыт кинигэлэрин сахалыы, сиhилии кэпсиирэ. О5олор көрдөhөн күн аайы кэриэтэ кини кэпсиирин туох баарбытын умнан, кэпсиир геройдарын кытта бииргэ сылдьарбыт.
Υрдүкү кылааска университеты саңа бутэрбит Осипова Тамара Николаевна салгыы биhиги олохпутугар, нуучча тылын салгыы сайыннарарга саңа сүүрээни киллэрэн таhаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Υөрэтэр темабыт геройдарыгар образтары, сочинениялары уонна кылааска ырытан көрүүнү ыытара.
География5а Назар Яковлевич Бабыканов үөрэппитэ, кини уруогар көңүллүк, карта5а уруок бириэмэтигэр мустан, үөрэтэр сирбитин ким урут буларын, учебниктан туhанан кэпсиирбитин утарбата, нууччалыы улаханнык кэпсии үөрэммэтэх о5олорго улахан өйөбүл этэ. Назар Яковлевич сэрии кыттыылаа5а элбэ5и билбит, көрбүт буолан холку быhыылаа5а.
Георгий Евдокимович Бессонов кө5үлээhининэн краеведческай музей тэриллибитэ. Оскуола о5ото, төрөппүттэр экспонат хомуйуутугар көхтөөхтүк кыттыыны ылбыттара.
Биирдэ музейга кыhыццы уhун өрөбүлгэ иккилии күн кэлэн улэлээбиппит. Мин кырааскалыы олорорбун көрөн баран «Дьэ Виктор улааттаххына уу баhааччынан улэлээр, оччо5уна ууннан быстарыахпыт суо5а» - диэн, кыраасканы то5о-хоро, элбэхтик, тар5аппакка халың гынан кырааскалыырбын өйдөтөн-өhүргэтэн со5ус тохтотон турар. Онон ыраастык, сатабыллаахтык бэриллибит улэни бириэмэтигэр толорорбут.
Кэлин эдэр специалист, физик Соколов Владимир Иванович со5урууттан кэлбитигэр Петров Прокопийдыын оскуола эргэ ЗИС-5 фанера кабиналаах массыынатынан оскуола5а оттор мас уонна атын да улэлэри элбэхтик толорбуппут. Υрдүкү кылааска үөрэнэрбитинээ5эр үксүн улэ5э сылдьарбыт – мас кэрдээhинэ, тиэйиитэ, күhүн дьиэни мууhунан сыбыырбыт.
Петров Прокопий Никифорович Омскайга үөрэнэн сельхозтехника инженера буолан Ньурба оройуонугар суол тутуутун инженер-механигынан улэлээбитэ. Мин Дьокуускайтан кэллэхпинэ Ньурбаттан Элгээйигэ эбэтэр Тойбохойко массыынанан кэлэрбит. Ол сылдьан Ньурба – Сунтаар суолун саңа ирдэбилгэ эппиэттиир хаачыстыбалаах суолу оңорорго улахан ба5алаа5а. Дойдубутугар кэлэн кустуу сылдьан учууталларбытын, бииргэ үөрэммит о5олорбутун истиңник санаан кэпсэтэрбит.
Иккис уолум Соколов Эдуард Дмитриевич боксер, суруйааччы эмиэ биир ча5ылхай киhи быhыытынан бэлиэ хаалларбыта. О5о сылдьан хайабытыттан да ордук сытыы тыллаах, кэлин суруйааччы буолуохтаа5а өтө көстөрө. Ол курдук биирдэ саха тылын уруогар кэпсээн суруйуутугар, бары син суруйбут курдук санаммыппыт, Эдикпит кэпсээнэ дьиңнээх суруйааччылартан итэ5эhэ суох буолан тахсыбыта.
Куоракка кэллэ5инэ биhиэхэ тохтоон ааhара, ол тугэңңэ элбэхтик кэпсэтэрбит, ардыгар мөккүhэрбит.
Сааспынан а5а буолан аармыйа5а мин урут барбытым, аармыйа оло5ун-дьаhа5ын туhунан киhибин бэлэмнээн со5ус суруйарым. Хардатын, Эдик дойду сонунун, бэйэтин ситиhиилэрин, түhүүлэрин ыйааhыннаан, тэңнээн суруйара. Сулууспалаан бутэн аны мин киниэхэ Тойбохойбут сонунун суруйарым. Уолаттар Тойбохойтон элбэх буолан сулууспалаабыттара.
Суруллубутун курдук уолаттар үксүбүт Ийэ дойдубутугар иэспитин төлөөн, ким хайдах чааска түбэспитинэн сулууспалаабыппыт. Миигин кытта бииргэ Игнатьев (Саввинов) Петр Тарасович сулууспалаабыта. Υс сылтан ордук кэми ракетнай чааска биэрбиппит. Сыл курдук теорияны үөрэтэн, сайыныгар Бойканур таhыттан биhиги чааспыт ракета Охотскай муора5а ыыппыта. Космонавтар Николаевтаах Терешкова үрүң көмүс өңнөөх ракетанан көппүттэрэ. Көппүттэрэ 40 мүнүүтэ кэнниттэн Союз радиотынан биллэрбитэрэ.
Ракета ыытан баран Байкал күөл таhыгар, хайалар быыстарыгар дьуhуурустуба5а турбуппут. Бэрээдэк син биир сэрииттэн итэ5эhэ суо5а. Петр бэйэтин хаhан да туhэн биэрбэт, биир тыллаах киhи этэ. Ракетнай чааска сулууспалаабыта оло5ор туhалаата5а, кэлээт Ньурба5а суоппар үөрэ5ин бүтэрэн Тойбохой олохтоохторун өр сыл уунан хааччыйбыта билигин да5аны уостан түспэт үтүө тылынан ахтыллар киhи. О5олоро билигин араас үлэhиттэр.
Кыра түгэңңэ оскуола5а үөрэппит учууталларбын, бииргэ үөрэммит о5олорбун ахтан-санаан аhардым. Барытын суруйуохпун элбэ5э бэрт буолуо, онон чугастык ахтар-саныыр до5отторум тустарынан, сорох учууталларбытын санаан кылгастык суруйдум.
Төhө да элбэх сыллар ааспыттарын үрдүнэн үөрэммит оскуола5ын, учууталларгын, бииргэ үөрэммит табаарыстаргын истиңник ис сүрэххиттэн ахта-саныы сылдьар эбиккин.
Петрова (Павлова) Валентина Николаевна
Окончила Ленинградский институт
Культуры им. Н.К.Крупской
Библиограф республиканской
библиотеки им Пушкина
Отличник культуру СССР
Заслуженный работник культуры РС(Я)
За активное участие в работе по подготовке
заявки на участие якутского героического эроса
«Олонхо» в ЮНЕСКО для признания шедевром
устного нематериального культурного наследия
человечества награждена знаком
«Гражданская доблесть» (2005)
Мои ученические годы совпали с периодом реабилитации «врагов народа». В то время педагогический состав школы был очень сильным. У нас работали заслуженные учителя ЯАССР Г.Е.Бессонов, И.А.Попов, в начальных классах И.Д.Гаврильев, математик В.Р.Петрова. Якутский язык преподавал К.А.Иванов, физику вел В.И.Филиппов, географию – Н.Я.Бабыканов, химию – А.Ф.Дегтярев, рускиий язык – А.К.Антонова и др. Учителя не жалея своего свободного времени проводили дополнительные занятия и консультации. Они, не дожидаясь выхода новых учебников, основываясь на свежих газетных материалах, читали уроки о творчестве А.Е.Кулаковского, А.И.Софронова, Н.Д.Неустроева, П.А.Ойунского, о роли и месте в истории Якутии М.К.Аммосова, И.Н.Барахова, С.В.Софронова. Может быть, именно эти годы пробуждения национального самосознания народа и возвращения честного имени великим сыновьям и выкристаллизировали наше мировоззрение, в частности талант моего одноклассника, рано ушедшего из жизни, известного якутского прозаика Э.Соколова, мое детство и школьные годы – это время появления на селе электричества. Радио, кино, а также культурно-просветительных учреждений. Основным занятием школьников, кроме обязательной программы. Были спорт и чтение. С 4-го класса я участвовала в районных соревнованиях по лыжам и к окончанию школы благодаря нашему учителю физкультуры Г.С.Гурьеву имела 2-ой спортивный разряд. Моей школьной наставницей по спорту была незаурядная личность Нина Попова. Ныне Нина Афанасьевна Алексеева. Директор известной авторской школы г. Якутска, удивительно одаренный, талантливый педагог. Книги брали мы в сельской библиотеке, одалживали у учителей и друг друга. Русскую классику, в основном, читали в переводе на якутский язык: « Долгун-будул туманнарга
Чомполонон ый устар,
Санньы-курус хонууларга
Санааргыы уотун кутар.»
Эти строки из стихотворения «Зимняя дорога» А.С.Пушкина в переводе Кюннюк Урастырова зримо и образно входили в наше жаждущее знаний сознание.
В Тойбохойской средней школе под руководством Г.Е.Бессонова, ныне Героя Социалистического Труда, в 1955 году впервые в республике был созлан уголок живой природы, краеведческий музей и учебно-опытный участок. С 1958 года началась закладка ботанического сада. Каждый ученик трудился ежедневно не менее двух часов в день. Классные руководители не только контролировали работу. Но работали наравне с учениками. Школьниками былы собраны более тысяч экспонатов для музея. Уже тогда он имел 24 раздела с богатым содержанием. Я навсегда сохранила в своей душе нежную благодарность к учителям Тойбохойской средней школы как истинным патриотам своего дела.
Андреев Алексей Саввич
Тутуу маастара
Ырыа, хоhоон суруйар идэлээх
Мирнэй куоракка олорор
Ахтыы.
Мин Тойбохой орто оскуолатыгар 1958-1962с. үөрэммитим. Биллэн турар оло5ум саамай уустук, улаатан киhи-хара буолан, өй-төй тутар уонна саамай дьоллоох кэммэр үөрэммит буолан оскуолабын, учууталларбын, алтыспыт тыбаарыстарбын бу кырдьыахпар дылы оло5ум аргыстара гынан тиийэн кэллим. Бэйэм о5о эрдэхтэн ырыа куттаах буоламмын учууталбыт Эпсиэйэп Баhылай Никиитис, нуотунай кыраамата5а үөрэппитин, онтон ыла баяцца онньуу үөрэммиппин уонна куоласпын тупсарар, хорга дьарыктарын истиңник махтана саныыбын, ол сыллартан бу кырдьан олоруохпар дылы сыанаттан түспэт «артыыспын». Итиэннэ Гурьев Дьарааhын Сэмиэнэбис олук уурбутунан болойбуолга оскуолам хамаандатыгар 4 сыл сылдьыбытым эмиэ туhунан үчүгэй өйдөбүл. Оскуолабыт дириэктэрэ Дьөгүөр Уйбаанабыс Сэмэнэп, саабыс Ылдьаа Сэмэнэбис Уйбаныап, кылааспыт салайааччыта Александр Федорович Дегтярев, учууталларбыт байыаннай иитиигэ Тэрэпиин Ньукулаайабыс Суркуоп, география учуутала Наhаар Дьаакыбылабыс Бабыкаанап, нуучча тылыгар Тамаара Ньукулаайабына, омук тылыгар Маарыйа Дайыылабына, история5а Дьөгүөр Дьаакыбылайабыс уонна оттон улэ оруогар бэйэтэ тоң нуучча эрээри бэйэбитинээ5эр ордук сахалыы мөңөн-этэн үөрэппит Георгий Евдокимович Бессонов, барылара мин хайдах киhи буолуохтаахпын эллэспит дьоннорум буолаллар, кинилэри дириң ытыктабылынан ахтабын. Бэйэм ханнык ба5арар холкуостаах о5отун быhыытынан инньэ сэттэ саастан ыла о5ус сиэтиититтэн са5алаан илии үлэтин кыайа тутан кырыйдым. Идэбинэн, үөрэхпинэн тутуу маастарабын уонна культура үлэhитэбин, ырыа-тойук таhынан өссө биир ол оскуолатаа5ы сыллартан «ыалдьар ыарыылаахпын» ол хоhоон айа сатааhын; табаарыhым Ээдьик Соколуоптуун «Ньургуhун» түмсүүгэ дьарыктанар этибит, оройуон куулууптарын барыларын «Ай-Таллары» кытта кэрийэрбитин дьоммут-сэргэбит ойдүүллэрэ буолуо дии саныыбын. Ситиhиилэрим сэмэйдэр: «Чолбоңңо» биир кыра сэhэни, оройуонум хаhыатыгар хам-түм, уонна куоракка «Илин» сурунаал кыбытык хаhыатыгар хоhооннорум бэчээттэммиттэрэ.
Иитиллибит оскуолам 125 сылынан бэйэм айар үлэм саамай чыпчаала дии саныыр икки хоhооммун ыытабын.
Кэнчээри ыччакка кэс тыл.
Хара5ым көрбөт, кулгаа5ым истибэт, Ол оннугар санаам оонньуур… Бу тугуй? – диэн ыйытар ээ дууhам. Ардыгар хомолтом туhунан Ыар-нуhэр тылынан ыллыахпын, Ыраастай тапталтан үөскээбит Ыал кыра о5ото буолабын.
Санньыйар санаабын эhиэхэ, Сайа5ас кэнчээри ыччакка, Саарба5а суох сайдам дууhаттан Саталлаах тойукпар аныырбын Сааппакка саңарар диэйэ5ит. Сайылык сирэмин быыhыгар Саргыга тардыhан улааппыт, Көй ыраас салгыңңа көччүйэр Күөрэгэй ырыатын таптаабыт, Кэрэчээн куоластаах кэ5эни Кэрэхсээн үөскээбит эрээри, Кэс тыл кэрэтин булбакка, Кэскиллээх оло5у туойбакка Киэбирэн эрдэ5э диэйэ5ит.
Кэрэхсиир килбиэннээх үлэбин, Киэң туттар өрөгөй санаабын өлбөөрдөр «аспыттан» - Арыгыттан Арахсар туhунан этиэхпин, «Ахсымым» адьаhын буолуммат. Кэмсинэн да туох туhа тахсыа5ын, Кэскилбит туhунан саныа5ың. О5олоор, аhаамаң ол «аhы», О5уйук дууhалаах мо5ойу, Уоппута-тоторбута суох этэ, Уоруйах-кубул5ат гынара.
Иринньэх сааскытын эрэйдээн, Иhимэң, о5олоор, иhимэң! Ииппитэ, туппута суох этэ, Итирик мэнэрик гынара…
Туох-ханнык иннинэ тобуллан, Тойукпун туойуо5ум иннинэ Тоңуйкаан дууhабын туппута, Тоңуй-таас сүрэхтээх гыммыта.
Арыгыттан алдьанар диэн тугун, Адьаhын билбэппин диир этим. Айдааннах аhылык туhугар Ааспыта эдэр саас кэрэтэ… Атастаар, айманар дууhаттан Алгыспын этэрбин сиилээңңит, Аатырыан ба5аран бу киhи Айдааран эрдэ5э диэйэ5ит. Эйэлээх сарыалга торооңңут, Этиргэн буолбуккут эдэрдэр. Эйэни коңүлү көмүскээң, Эңини кэрэни кэскиллээң, Эгэлгэ үөрэ5и баhылааң, Элбэхтик норуокка туhалааң, Иhимэң, о5олоор, иhимэң, Иринньэх сааскытын эрэйдээң!
Алексей Андреев – Мас Кэнчээри.
|
Таптал туhунан
Оо таптал, хас уонна таарыйдың Мин сэмэй, уйа5ас сүрэхпин, Хас уонна дууhабар сыдьаайдың Сымна5ас, сып-сылаас иэйиигин.
Баар этэ о5о саас оонньуута, Ып-ыраас, сып-сырдык харахпар. Дьэ уонна куорэгэй ырыата, Куннэтэ сиппэтэх лыахтарбыт.
Баар этэ биллибэт иэйииттэн Эмискэ итийэн хааларым. Ол онтон саатарым бэрдиттэн Кулгаахтыын кытаран турарым.
Баар этэ суhуо5ун ньуо5улаан Сиэллэрэн тамтатан иhэрим, Эмискэ хоруйа тэптэрэн, Илгиэлээн ытатан кээhэрим.
Баар этэ чуумпу да чуумпу Киэhээцци Булуубут биэрэгэ. Туун уоhэ ыйдаца холкутук Сууруккэ суhумнуу туhэрэ.
Бааллара ча5ылхай харахтар, Эрэнэр да, куутэр да харахтар. Ардыгар сэмэлиир, санньыйар, Ардыгар кэлэйэр харахтар.
Бааллара имэцнээх харахтар, Мацнайгы чочумаас хоhооннор. Ол уохтаах тыллары хоhуйар Уоскуйбат ньиргиэрдээх эр тыллар.
Баар этэ кэлэйии-сиргэнии, Олохтон, тапталтан дьиц иэйии, Хойутаан ал5аhы билинии, Ол кэннэ уhуннук кэмсинии.
Таптыыллар сайа5ас харахтар, Таабырын курдуктар, сэмэйдэр. Саас аайы кэлэллэр чыычаахтар, Сацаны ыллыыллар, дьиктилэр.
Баалаамац тапталы, баалаамац, Бар дьоммут айылгы иэйиитин. Ким таптыыр, дууhата кырдьыбат, Киниэхэ кир-хох сыстыбат.
Тапталтан уоскууллэр ийэлэр, Дьэ уонна уунэллэр генийдэр. Кун дьолун уhанар хотойдор, Туйаарар кыталык кыргыттар.
Таптыыбын барыны, таптыыбын, Талбаны кэрэни, нарыны, Кун аннын ко5ордор сирэми, Кун дьолун хоhуйар ырыаны.
Таптыыбын, ол иhин тахсаллар Сурэхпэр чочуллан бу тыллар. Таптыыбын, ол иhин тыаhыыллар Дууhабар этигэн хомустар.
Оо, таптал мэлдьитин таарыйыый Мин сэмэй уйа5ас сурэхпин. Мэлдьитин дууhабар сыдьаайыый Сымна5ас, сып-сылаас иэйиигин.
Алексей Андреев – Мас Кэнчээри.
|
.
Сидорова Галина Степановна
Жданов аатынан Ленинградтаа5ы
Государственнай университеты
бүтэрбитэ.
Элгээйи, Күндэйэ, Куокуну орто
оскуолаларыгар география,
французскай тыл учууталынан үлэлээбитэ
РСФСР үөрэ5ириитин туйгуна
1951с. саары этэрбэстээх, өрбөх сыыhыттан тигиллибит санныга кэтэр суумкалаах, сиитэс ырбаахылаах «О» диэн кылааска оскуола5а киирбитим.
1962 сыллаахха бу оскуоланы бүтэрэн, комсомол путевкатынан 3 сыл колхозка дояркалаабытым, бороон корбүтүм.
1965 сыллаахха Ленинградка баран А.А.Жданов аатынан государственнай университет географическай факультетын бүтэрэн үлэhит буолбутум. Мин үлэhит, киhи буоларбар иитиллибит, үөрэммит оскуолам бө5ө тирэх буолбута саарба5а суох.
Мин истиңник ахта саныыбын маңнайгы учууталбын Александра Кирилловна Максимованы. Кини нарын-намчы көрүңэ, эйэ5эс-сайа5ас майгыта мин өйбөй умнуллубаттык хаалбыт.
Мин үөрэнэр сылларбар Тойбохой оскуолатыгар элбэх да үчүгэй, эдэркээн, энтузиаст учууталлар үлэлээбиттэрэ. Оскуолабытыгар араас өрүттээх улэлэр күөстүү оргуйаллар эбит. Аңардас Георгий Евдокимович Бессонов салалтатынан краеведческай, юннатскай үлэ туохха тэңнэhиэй. Мин 4-с кылаастан 9-ка диэри мэлдьи юннат этим. Георгий Евдокимович постояннай юннаттарга эйэ5эстик, харыстабыллаахтык сыhыаннаhара. Биhиги кыhыннары сиэмэлэрбитин закаляйдаан эңин, чахчы науканан дьрыктанар курдук этибит. Пришкольнай учаастакпытын көрө-көрө бэйэбит астынарбыт: сибэккититтэн маhыгар тиийэ этикеткалаах тус-туспа клумбаларга үүнэллэрэ, икки арда – суола барыта хап-хара, миинньигинэн харбаммыт буолара. Онтон ботаническай сад төрүттэнэригэр ити үүнээйэлэрбит барыта кэриэтэ онно көhөрүллүбүттэрэ.
Ити са5ана мин өйбөр-санаабар ордук умнуллубат суолу-ииhи хаалларбыт учууталларынан буолаллар: Евсеев В.Н.. Осипова Т.Н., Дегтярев А.Ф.. Бабыканов Н.Я., Иванов Н.Г.. Николаев Е.М., Иванова М.Д.. Иванова В.Р., Иванов И.С., Соколов В.И., Семенов Е.И., Васильева А.К. уо.д.а.
Бэйэм 1970 сылтан 2005 сылга диэри Элгээйи, Күндэйэ, Куокуну оскуолаларыгар французскай тылы, географияны, историяны үөрэтэн, ону таhынан Элгээйигэ завуhынан, Күндэйэ5э пионер вожатайынан, Куокунуга директоры иитэр улэ5э солбуйааччынан улэлээн пенсия5а тахсан олоробун. Кэлин мастер – педагог диэн кыргыттарга саха национальнай тигиитин куруhуогун салайбытым.
Υлэбин-хамнаспын РФ үөрэ5ириитин туйгуна, үрдүкү категориялаах учуутал диэн ааттаах-суоллаах тумуктээтим.
2008 сыл.
Мохова (Максимова) Антонина
Александровна
Магаданнаа5ы педагогическай
институту бүтэрбитэ
Тойбохой орто оскуолатын үрдүк
категориялаах алын кылааhын учуутала
Саха республикатын үөрэ5ириитин туйгуна
Педагогическай үлэ ветерана
Ахтыы сурук
Мин 1958-59 үөрэх сылыгар Кириэстээх сэттэ кылаастаах оскуолатын хоп курдук үөрэнэн бутэрбитим. Салгыы Тойбохойго үөрэнэ киирбитим.
Биhиги үөрэммит кыhабытыгар холооно суох улахан, икки этээстээх, киэң улахан түннүктэрдээх, өссө алтан куолакал чуорааннаах оскуола дьиэтин сө5ө-махтайа, салла көрбүтүм.
Кириэстээххэ кылааспытыгар, сэрии сылын о5олоро, баара суо5а бэhиэйэх этибит. Ол да иhин буолла5а буолуо, сэттис кылааhы ортото суох бүтэрбитим.
Оттон манна, 8 кылааска, араас сиртэн мустубут 40-ча о5о этибит. Кылаас биир кэм өрө түллэцнии, оргуйа олорор курдуга. Учуутал быhаарарыгар, үөрэнээччи тугу эмэ истэн өйдүүрүгэр лаппа ыарахаттар бааллара. Үhүс чиэппэртэн мин ортонон соhуллан барбытым.
Нуучча тылын, литературатын сүрүннээн Тамара Николаевна Осипова үөрэппитэ. Саха тылын, литературатын утуу-субуу Н.Г.Иванов, Н.П.Кардашевская, Е.М.Николаев, П.С.Яковлев үөрэппиттэрэ. Тыллары үөрэтэр учууталларбыт бука бары өйдөнүмтүө, хайа да үөрэнээччи бол5ойон истэр эйгэтин тэрийэн үөрэтэллэрэ-такайаллара.
Химияны Александр Федорович Дегтярев биэрэрэ. Практическай үлэни, араас опыттары кыайа-хото тутан ыытара. Уруогу билбэккэ, сыыhа-халты эппиэттээтэххэ: «Индюк думал-думал и в суп попал» - диэн сэмэлиирэ, күллэртиирэ.
8-9-с кылаастарга биологияны бары олус саллар, ытыктыыр учууталбыт Г.Е.Бессонов үөрэппитэ. Олус ирдэбиллээ5э, үлэ хайаан да үрдүк хаачыстыбалаахтык толорулларын хонтуруоллуура.
Географияны, черченияны Назар Яковлевич Бабыканов, историяны В.Н.Евсеев уонна Илья Семенович Иванов үөрэппиттэрэ.
Математика5а утуу-субуу А.Н.Колязина, И.А.Архипов, В.Р.Петрова үөрэппиттэрэ.
Физиканы – В.В.Соколов диэн эдэркээн нуучча учуутал.
Биhиги көлүөнэ үөрэнэр кэмигэр Саха сиригэр со5урууттан А.Н.Колязина, Н.П.Соколова, В.В.Соколов үлэлии кэлбиттэрэ.
Анна Николаевна Колязина биhиги кылааспыт салайааччыта этэ.
Оччолорго оттук мас бэлэмигэр оскуола о5ото төhүү күүс быhыылаа5а. Сааhыары, хаар хаптайда5ына, үөрэхтэн босхолонон туран, саhаан охсорбут. О5олорго, хаhан ба5арар буоларыныы, үөрэх буолбата – үөрүү күнэ, киhи да сонньуйар ээ. Бэрт элбэх биригээдэ5э хайдан, улахан кылаас о5олоро бука бары күүстээх үлэ5э турунарбыт. 3 киhилээх (1 уол сүгэлээх, икки эрбиир кыыс) биригээдэ күннээ5и нуормата – 1 саhаан. Саhаан тахсыах модьу, чэгиэн, үрдүк маhы талан-талан була5ын. Уол сүгэнэн сирэйдиир, кыргыттар икки тутаахтаах эрбиитинэн кыыкардатан бэрт эрэйдээх үлэ са5аланар. Уол уhун маhынан сууллуохтаах маhы, хайысхатын булан, үтэн тиниктэhэр. Оттон кыргыттар эрбиинэн түhүнэллэр.
Биригээдэ5э кылааспыт солбуллубат старостата, сүрдээх киhи, Коля Алексеев түңэтэр. Миигин классоводпар Анна Николаевна5а холбоон, бэйэтин биригээдэтигэр ылан «абырыыр». Арааhа, икки мөлтөх киhини ким да ылбата буолуо ээ. Оо, биhиги туох баарбытынан түhэн, күннээ5и нуормабытын син толоробут. Толорботоххо – саат!
Учууталбыт, эдэркээн нуучча кыыhа, ханнык эрэ түң тыа5а кэлэн, өссө эбиитин мас кэрдиэм диэн, түhээн да көрбөтө5ө буолуо. Сотору ба5айы сылайан эрбии тутаа5ар түстэн түhэн иhээхтиирэ. Мин ону соhо сатыыр туругум өйбөр-сүрэхпэр билигин да баар курдук.
Киэhэ сатыы төннөбүт, ол иhэн, сарсыарда сылдьан ааhаар диэн көрдөhөр. Сарсыарда кэлэбин – дьиэ хатыылаах. Тоңсуйабын. Учууталбын көрөн аhынарым: кыбыстан сирэйэ кып-кыhыл, көhүйэн нэhиилэ хамсаахтыыр. Аhыыр кэлиэ дуо, суох. Ааhан иhэн күүлэ5э турар дьааhыктан тоң отону ытыhан ылаахтыыр, өссө «угощайся» диэхтиир.
Оттон биhиги, о5олор, туох буолуохпутуй. Үөрэ-көтө, хаадьылаhа, ким туох үчүгэй астаа5ынан күндүлэhэ, онтон өссө түмсэн, көрдөөхтүк, таhаарыылаахтык үлэлиирбит.
Саас халлаан сып-сылаас, сып-сырдык күн күлүмнүү оонньуур. Оттон ордук кэм суох курдуга. Аттыбытыгар атын омук баар диэн баардылаан көрбөт, сахалыы ийэ тылбытынан ньамалаhыы бө5ө. Ол да буоллар учууталбыт онтон кэчэспэт, бэйэтэ-бэйэтигэр оргууй а5ай сылдьара. Арай биири сө5өрүн өйдүүбүн – тугу барытын сатыыр тыа сирин о5отун.
Сайын дойдутугар көтөр күнүн билэрим. Атаара барыахпын олус да ба5арарым. Нүкэним бэрт буолан, ыраахтан сайыhа хаалбытым… күhүнугэр кэлбэтэ5э. Кэргэннэнэн, дойдутугар хаалбыт этэ.
Кэргэннии Н.П., В.В.Соколовтар онуhу бүтэриэхпитигэр диэри үлэлээбиттэрэ. Иккиэннэрин о5о-аймах ылынар, ытыктыыр учууталлара этэ.
В.В.Соколов барахсан мааны майгылаах, айыл5аттан айдарыылаах учуутал этэ. Мөңөр, күүскэ саңарар диэни сатаабат курдуга. Оттомо суох быhыыланан, уруокка бэлэмэ суох кэллэххэ: «Почему к уроку не готовитесь? Вы же, на самом деле, такие способные», - диэн, киhи быhыытынан самнарбакка, төттөрүтүн хай5ал аңардаах, сэмэлиирэ.
Итинник үтүө учууталларга үөрэнэн, биhиги бары сирдээ5и суолбутун таба булбуппут. Үлэлэригэр үрдүк ситиhиилээх буолан, анал бочуоттаах бэлиэлэринэн на5араадаламмыт дьоннордоохпут. Ол курдук, онколог врач Алексеев Виктор Григорьевич, саха үорэхтээхтэрин билиниитин ылбыт библиограф Павлова Валентина Николаевна, нуучча тылын, литературатын учуутала Степанова Антонина Ивановна, тыа хаhаайыстыбытын үлэтин эгэлгэ мындырын баhылаабыт Федорова Надежда Кирилловна - идэлэрин муңутуурдук баhылаан, үлэлэригэр дьүөрэ – үтүөлээх үлэhит – ытык аатынан бэлиэтэннилэр.
Биhиги кинилэринэн киэң туттабыт!
Саха аа5ааччытын биhирэбилин ылбыт, билиңңи кэм талааннаах суруйааччыта Эдуард Дмитриевич Соколов – Тулусхан эмиэ биhигини кытта үөрэммитэ. Сытыы-хотуу, үөрэ5и ылынымтыа, спортсмен бэрдэ этэ биhиги Эдикпит.
Билигин, Э.Д.Соколов – Тулусхан суох буолбутун кэннэ, хос-хос эргиллэн аа5ар айымнньыларбар, автор туруорар проблемалара сытыытын, арыйар уобарастара тыыннаахтыы, бу сэргэ хаама сылдьар курдуктарын со5обун.
Дьэ ол иhин кылгас да кэмңэ мин кинини кытта бииргэ үөрэммиппинэн, кинилиин биир кэмңэ олорбуппунан киэн тутта саныыбын.
Бу кэпсээбит ытык мааны дьоннорбуттан ураты өссө да кэпсии туруох үөлээннээхтэрим үгүстэр.
Υп-харчы экономика салаатыгар эңкилэ суох 43 сыл үлэлээбит, биир идэлээхтэрин билиниитин, ытыктабылын ылбыт Кириллина Елена Спиридоновна билигин киин куоракка олорор, өссө да былдьаhыкка сылдьар үлэhит үтүөтэ. Кыра эрдэ5иттэн олоххо тардыhыылаах, улахан дьулуурдаах этэ. Аhыныгас, үтүө санаалаах майгытын ыhыктыбакка илдьэ сылдьар мин дьүөгэм Еля барахсан.
Куокунуну, улэhит дьонноох Куокуну дэппит утуо-мааны дьоннордоохпут. Ол Федорова Надежда Кирилловна , Егорова Мария Федоровна, Сидорова Галина Степановна, Андреев Алексей Саввич. Тихонова Екатерина Архиповна буолаллар. Кыhыл комус тарбахтаах буолан, идэтин таhынан о5олору иис-уус мындыр сатабылыгар уhуйбут географ идэлээх дьуэгэбит Галина Степановна ыччат дьону үөрэтиигэ кылаатын киллэрбитэ саарбахтаммат.
Уhун - Күөлгэ, зоотехник идэлээх кийиит кыыс Жиркова Евдокия Ивановна олохсуйан 40-ча сыл бэрэниилээхтик улэлээтэ. Дьон – норуот ытыктабылын ылла, о5о сааhым чугас, эрэллээх киhитэ Дуся. Бырааттыы Егор, Револий Павловтар эмиэ онно олороллор. Револий Николаевич авиация ветерана. өр сылларга Ньурба5а улэлээн, сынньалаңңа тахсыбыта. Билигин дойдутугар эргиллэн, убайынаан сыhыы муңунан сыспай сиэллээ5и, хотон муңунан хоро5ор муостаа5ы иитэн, байан-тайан олороллор.
Тойбохойго түөрт буолан олохсуйбуппут.
Петр Тарасович Саввинов олус туруу үлэhит этэ. Солбуллубат водовоз суоппара. Дьыл ханнык да кэмигэр, хайа да куңңэ бөhүөлэги уунан олус бэркэ хааччыйара.
Роберт Петрович Павлов тыа хаhаайыстыбатыгар аналлаах эгэлгэ техниканы уhулуччу баhылаабыт механик. Билигин Дьокуускайга олорор.
Онтон Антонина Ивановна уонна мин үөрэммит, киhи буолар суолга туруммут Тойбохойбутугар күн бүгүнүгэр диэри улэлии-хамсыы сылдьабыт.
Дьаархаңңа Христина Трифонова, Дьокуускайга Федосия Николаева, Таатта5а Розалия Акимова дьоhун-мааны ыаллар.
Иван Капитонович Сидоров Намңа атыы-эргиэн салаатыгар үлэлээбитэ диэн кэпсээбиттэрэ.
Николай Осипович Пахомов өр сылларга тутуу салаатыгар улэлээн баран билигин киин куоракка дьиэ кэргэттэрин кытта быр-бааччы олороллорун истэн үөрэбин.
Түмүктээн эттэххэ, 1962 сыллаахха онуhу бүтэрэн , олох суолугар тахсыбыт билигин баар о5олор бука бары ыал буолан, эhээ, эбээ дэтэр биир кэрэ кэрдиис кэмңэ киирдибит.
Υөрэппит-ииппит оскуолабыт 125 сыллаах юбилейын чиэстээхтик көрсөн эрэрбититтэн, сэмээр үөрэн сэгэйэбит.
Сааhыран истэх аайы, о5о сааспытын байыппыт, инникибитигэр тирэх буолбут, олук уурбут Учууталларбыт барахсаттар тустарынан, өссө истиңник саныыр-ахтар буоллубут.
Оттон тус бэйэм, учуутал ытык идэтигэр сыстарбар, үтүө төрүөт буолбут Учууталларбар бука барыларыгар бар5а-мааны тыллары өрүү этэ туруом.
Учууталлар
Гаврильев Святослав Иванович
Герцен аатынан Ленинградтаа5ы
педагогическай институт пед.
факультетын бутэрбитэ
Верхоянскай улууьугар начаалынай
кылаас учууталынан,
оскуола директорынан улэлээбитэ.
РСФСР уорэ5ириитин туйгуна
Колесников Валерий Григорьевич
История учуутала
Тихонова Александра Васильевна
Саха государственнай университетын
Историческай факультетын бутэрбитэ.
Дьаархан орто оскуолатыгар улэлээбитэ
РСФСР уорэ5ириитин туйгуна
Советскай партийнай улэhит
Иванова Светлана Алексеевна
Хабаровскайдаа5ы высшай партийнай
оскуоланы бутэрбитэ
Тыа хаhаайыстыбатын улэhиттэрэ
Жиркова Евдокия Ивановна
Орто анал уорэхтээх зоотехник
Уhун-Куолгэ, улэлээбитэ, билигин Сунтаарга олорор
Егорова Мария Федоровна
Куокунуга олорор, улэлиир
Федорова Надежда Кирилловна
Саха республикатын норуотун хаhаайыстыбатын
утуолээх улэhитэ
Куокунуга олорор, улэлиир
Детсад иитээччилэрэ
Николаева Федосия Афанасьевна
Якутскай куоракка олорор, улэлиир
Семенова (Тихонова) Екатерина
Архиповна
Куокунуга олорор, улэлиир
Трифонова Христина Яковлевна
Сунтаарга олорор.
Экономика улэhитэ
Николаева Елена Спиридоновна
Урдук уорэхтээх экономист-бухгалтер
Якутскай куоракка олорор, улэлиир
Инженердар
Пахомов Николай Осипович
Саха государственнай университетын инженернай-техническай факультетын бутэрбитэ.
Якутскай куоракка олорор, улэлиир
Петров Прокопий Никифорович
Омскайдаа5ы автодорожнай институту
Бутэрбитэ Ньурба5а улэлээбитэ
Эргиэн улэhитэ
Сидоров Иван Капитонович
Нам сэлиэнньэтигэр ыскылаат
сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ.
Билигин Дьокуускай куоракка олорор.
Механизатордар
Павлов Роберт Петрович
Тойбохой совхозка механигынан улэлээбитэ. Билигин Дьокуускай куоракка олорор.
Игнатьев Петр Тарасович
Тойбохойга водовоз массыына
суоппарынан улэлээбитэ
Араас идэлээхтэр
Павлов Револий Николаевич
Авиатехник
Ньурба аэропордугар улэлээбитэ
Акимова (Дмитриева) Розалия
Васильевна
Москва аттынаа5ы Егорьевск
куоракка гидрометеорологическай
техникуму бутэрбитэ
Ытык-Кюельгэ олорор.
Алексеев Николай Софронович
Электрик. Сунтаарга РЭС-ка
улэлээбитэ. Билигин Пермь
куоракка олорор
Михайлова Мария Даниловна
Чернышевскайга стройка5а улэлээбитэ
Петрова Анна Дмитриевна
Мэцэ – Хацалас улууhугар олорор
Соколов Эдуард Дмитриевич – Тулусхан
1991 сылтан ССРС суруйааччыларын союhун чилиэнэ
До5орбут Эдуард!
Мин билигин аа5а сылдьар сэhэннэрбинээ5эр эн романың тыла-өhө урана, далааhына – бэрт. Сынньанным. Көннөрүү да суох. Барыта саас сааhынан. О5о саңатын үтуктүү – олус киэргэтэр… Туругур! Өрөй – чөрөй, Вилюй Аласов!
Николай Габышев
Суруйааччы айымньылара
1. Арахсыспат аргыстарым (Сэhэн). 19802. Дьол (Сэhэн). 1985
3. Кэпсиэхпин ба5арабын (Сэhэннэр). 1985
4. Хампа (Роман 1 кинигэтэ). 1993
5. Буруйдаах (Сэhэннэр). 1994
|
Истиңник, махталынан ахтар-саныыр учууталлара
45 сыл ааспытын кэннэ сибээстэрин быспаттар, үөрүүнэн көрсөллөр.
Төhө да элбэх сыллар ааспыттарын үрдүнэн үөрэммит, олох суолугар атаарбыт оскуолаларын, учууталларын, бииргэ үөрэммит табаарыстарын өрүү ахта-саныы сылдьаллар.
Сайт создан в системе uCozvirttoib.narod.ru
Махтал истиҥ тыллара | Саха сирэ | Сонуннар | Якутия
Бүгүн, бэс ыйын 17 күнүгэр, Саха Республикатын үһүс Президенэ Егор Афанасьевич Борисов дуоһунаһыгар киирэр. Республика салалтатыгар утумнааһын салҕаммытыгар биһиги Вячеслав Анатольевич Штыровка махтаныах тустаахпыт. Кини республиканы салайан олорбут кэмэ хайыы-үйэ ааспыт кэм диэки сыҕарыйан, историяҕа киирэр. Вячеслав Штыров салайааччы быһыытынан үтүмэн үлэтин, бу сылларга көрсүбүт ыарахаттарын, көтөхпүт дьоһун боппуруостарын, өйөөбүт үтүө бырайыактарын кэм-кэрдии дьэҥкэтик көрдөрөн, сырдатан таһаарыаҕа. Күн бүгүн Вячеслав Анатольевиһы үтүө тылларынан ахта, махтана, алгыы хаалаллар саха дьоно-сэргэтэ.Дмитрий Наумов, Ил Түмэн Аграрнай политикаҕа уонна тыа сиригэр сис комитетын председателэ, народнай депутат:— В.А.Штыров тыа сирин дьонун олоҕор-дьаһаҕар туһалааҕы, элбэҕи үлэлээн, оҥорон барда дии саныыбын. Бюджет эбээһинэһэ буолбатаҕын үрдүнэн республика өттүттэн үбү-харчыны көрдөрөн, судаарыстыба тыа сирин өйүүр тулхадыйбат бигэ политиката олохтонорун ситиспитин үрдүктүк сыаналаан тураммын, сахалыы малтаччы, республика туһугар дьүккүөрдээх салайааччыбыт барда диэн этэбин. Бу ааспыт аҕыс сылга Россияҕа хоту дойдуга тыа сирин үчүгэйдик өйүүр регион быһыытынан билиммиттэрэ. Онон саха норуотугар улахан чугас киһи республика Аҕа баһылыгынан үлэлээн ааста. Кини республика сайдыытын бары хайысхаларыгар ылбыт тэтимин, далааһынын өрө таһаарар эрэ киһи кэллэҕинэ, дьон-сэргэ астыныа. Валерий Иванов, «Стройсельгазификация» СР тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын газтааһыҥҥа дирекциятын генеральнай директора, Ил Түмэн депутата:— Вячеслав Штыров төрөөбүт Сахатын сирэ бигэ туруктаах буолуутугар уонна инники сайдыытыгар уһулуччулаах кылаатын киллэрдэ. Республика экономикатын ыллар хардыынан Россия кэккэ субъектарыттан быдан инники күөҥҥэ өрө анньан таһаарда. Саха сирэ уруккуттан балачча биллэр-көстөр регион этэ гынан баран, Штыров салайар кэмигэр Россияҕа да, кыраныысса таһыгар да биллиитэ-көстүүтэ өссө улаатта. Саамай сүрүнэ — республика экономическай өттүнэн биллэ кыаҕырда, сүһүөҕэр турда, сайдар суолларын тобулла.1993 сылтан торумнаммыт хайысханы — газтааһын программатын Вячеслав Анатольевич утумнаахтык уонна ситиһиилээхтик салҕаабыта. Үлэбит ситиһиилэрдээх буолбутугар киниэхэ улахан махталлаахпын. Михаил Эверстов, Госдума депутата:— В.А.Штыров баараҕай бырайыактары саҕалаан, Саха сирин сайдар кэскилигэр улахан олугу уурда. Модернизацияҕа, республика промышленнай политикатын саҥардыыга туһуламмыт хайысха, экономикаҕа саҥа тыыны киллэрии диэн бу буоллаҕа дии. Республика нэһилиэнньэтэ Вячеслав Штыровка үтүө түмүктэрдээх үлэтин иһин махтаныах кэриҥнээх. Кини Саха сирин инники байылыат олоҕун бигэ акылаатын ууран, түһүн түстээн биэрдэ. Ити киэҥ далааһыннаах саҕалааһыннары Егор Борисов кыайа-хото тутуо, утумнаахтык салгыа. Егор Борисов Президенинэн үлэлээтэҕинэ, Госдума депутата буоларым быһыытынан ыкса сибээстээхтик, таһаарыылаахтык салгыы бииргэ үлэлиэхпит дии саныыбын. Сахабыт сирин, сахабыт дьонун-сэргэтин туһугар үлэлиир сыалбыт-сорукпут биирин быһыытынан, биһиги биир санаанан үлэлиирбит эрэйиллэр.Саҥа Президент иннигэр улахан соруктар тураллар. Таас хотоннору тутуу, нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суоллары оҥоруу, кыра авиацияны, норуоттар төрүт дьарыктарын сайыннарыы, норуоттары биир сомоҕо түмүү уо.д.а. курдук боппуруостары олоххо киллэриини норуот күүтэр. Андрей Мартынов, РФ Общественнай палататын чилиэнэ, «Билии» общество республикатаҕы салаатын председателэ:— Вячеслав Штыров республика Президенин дуоһунаһыгар үлэлээбит үлэтэ олус тэтимнээх уонна киэҥ өрүттээх буолан, итиниэхэ билиҥҥи көлүөнэ дьон эрэ буолбакка, кэлэр көлүөнэлэр бүтэһиктээх сыанабылы биэриэхтэрэ. Саха сирин кэлин сыллардааҕы сайдыытын аҥардас барыллааһын түмүктэрэ даҕаны көрдөрөллөрүнэн, ити баараҕай үлэтинэн кинини Максим Аммосов уонна Гаврил Чиряев курдук уһулуччулаах политическай деятеллэргэ тэҥнии тутуохха сөп. Президент дьаныардаах үлэтинэн республикаҕа политическай, социальнай-экономическай уонна культурнай сайдыыга саҥа саҕахтары арыйар 2020 сылга диэри былааннаммыт стратегическай программа олоххо киирэр. Туох да күүркэтиитэ суох эттэххэ, Вячеслав Штыров Президенинэн үлэлиир сылларыгар ХХI үйэҕэ аныгы Саха сирин мөссүөнэ торумнанна. Ол курдук республика киэҥ далааһыннаах промышленнай бырайыактара Российскай Федерацияҕа Азия уонна Чуумпу акыйаан регионун дойдуларын кытта алтыһыытыгар саҥа кыахтары арыйда. Ити курдук сүҥкэннээхэй суолталаах, уустук үлэлэри салайыыга билигин федеральнай таһымҥа В.А.Штыров курдук кыахтаах менеджердэргэ наадыйыы улаатта. Афанасий Осипов, ССРС уонна РФ народнай худуоһунньуга, Саха Республикатын Духуобунаска академиятын президенэ:— Вячеслав Анатольевич Штыров, Саха Республикатын Президенин быһыытынан, бастакы да, иккис да болдьоҕор дьоһуннаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээн, дьаһайан, дойдутугар улахан бырайыактары оҥорон, дьону түмэн, бэркэ салайан кэллэ дии саныыбын. Уонна өр бииргэ үлэлээбит киһитин бэйэтин оннугар хаалларарга сорунуулаахтык туруорсубута эмиэ биһирэнэр. Чахчы, Саха сирэ экономическай, интеллектуальнай, духуобунай өттүнэн сайдыытыгар биһиги Президеммит элбэҕи оҥордо. Биллэн турар, бу кириисис ыгыытын кэмигэр, ордук духуобунас эйгэтигэр, былааннаммыты бука барытын толорор уустуктардаах бөҕөтө буоллаҕа. Ити Саха сиригэр эрэ буолбатах, дойду бүттүүнүн үрдүнэн оннук. Духуобунас — литература, искусство, культура сайдыыта Россия үрдүнэн ыарахаттары көрүстэ. Баһылыыр-көһүлүүр национальнай бырайыактарга, программаларга наука, искусство, культура курдук тыын суолталаах эйгэлэр киирбэтилэр. Инникитин духуобунас боппуруостарын национальнай программаларга киллэрэр наада дии саныыбын. Оччоҕуна эрэ Россия үрдүнэн сайдыы күүскэ барыа. Үүнүү-сайдыы динамиката онно сытар. Савва Тарасов, саха народнай поэта, Россия Суруйааччыларын союһун Кырдьаҕастарын сүбэтин чилиэнэ, Саха Республикатын Духуобунаска академиятын академига, республика бочуоттаах олохтооҕо:— Мин санаабар, Вячеслав Анатольевич президенинэн үлэлээбит сылларыгар төрөөбүт республикатыгар бэрт элбэҕи, кэскиллээҕи оҥордо. Кини туруорбут соруктара салгыы ситиһиилээхтик толоруллуохтара диэн олус эрэнэ саныыбын. Манна диэн эттэххэ, кини кэнниттэн ким Президент буолара буолла, диэн санаа, кырдьык, үүйэ-хаайа туппута. Егор Борисов кандидатурата Ил Түмэҥҥэ бигэргэтиигэ киллэриллибитин олус сөбүлүү иһиттим. Тэрийэр, салайар үлэҕэ дьиҥнээхтик эриллибит-мускуллубут киһи кини баар. Онон, Вячеслав Штыров бииргэ үлэлээбит сылларыттан бэйэтигэр эрэллээх солбуйааччыны хаалларбытын РФ Президенэ даҕаны, РФ Правительствота даҕаны олус сөпкө өйдөөтүлэр диэн астынабын. Мин Вячеслав Анатольевичка олоҕор дьолу-соргуну, саҥа үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабын. Ксенофонт Эверстов, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа:— В.А.Штыров Президент быһыытынан сүрдээх элбэх үлэни ыытта. Кини ордук экономиканы сайыннарыыга, кэскили түстээһиҥҥэ улахан болҕомтотун уурда диэн сыаналыыбын. Саха норуота омук быһыытынан сайдыытыгар, олохтоох кадрдар үүнэн тахсыыларыгар эмиэ сүдү кылааты киллэрдэ. Онон чахчы үчүгэй киһи, талааннаах салайааччы кэлэн барда. Эрэнэбин: Е.А.Борисов кини саҕалаабытын тиһэҕэр тиэрдиэҕэ, өссө сайыннарыаҕа, республиканы киниттэн туох да итэҕэһэ суох салайыаҕа.Василий Аргунов, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо, чааһынай предприниматель:— Вячеслав Анатольевич Саха сирэ сайдарын, дьонун-сэргэтин олоҕо тупсарын туһугар адьас ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлээтэ диэн улаханнык махтана саныыбын. Кини аҥардас промышленноһы эрэ сайыннарыыны өрө туппакка, тыа сирин дьонун олоҕун тупсарыыга, сайыннарыыга хаһан да ыытыллыбатах үлэни оҥордо. Уопсайынан кини республика сайдыытыгар, иллээхтик-эйэлээхтик олоруубутугар элбэх кылаатын киллэрдэ. Онон В.А.Штырову республика дьоно-сэргэтэ, саха норуота мэлдьи махтал эрэ тылларынан ахтыаҕа, саныаҕа.Анна ФИЛИППОВА, СГТХА агротехнологическай факультетын устудьуона:— Вячеслав Анатольевич 2008-2009 үөрэх сылыгар академиябытыгар саҥа корпуһу киллэртэрбитэ. Үөрэнэрбитигэр киэҥэ-куоҥа үчүгэйэ сүрдээх. Куораппытыгар итини таһынан саҥа тутуулар барбыттара кэрэхсэбиллээх. Эдэр дьиэ кэргэни дьиэнэн хааччыйыы программатын да ылан көрдөххө, кини сүрүн күүһү ыччакка уурар дии саныыбын. Ыччат билигин араас хайысханы талан сайдарыгар, үлэлииригэр бары кыахтар бааллар. Тимир суол, газ ситимэ тутуллуута барыта республика инники кэскилэ. Вячеслав Штыров «киһи олох бары уларыйыыларыгар бэлэм буолуохтаах» диэн этэрин олус сөбүлээн истэбин. Эдэр киһи, кырдьык, бары өттүнэн сайдыахтаах, билиҥҥи олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах, саҥа идеялары, санаалары киллэриэхтээх.Андрей НОГОВИЦЫН, «Чурапчы» ТХПК бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:— Вячеслав Анатольевич производственник буолан, үлэ-хамнас тэрээһинигэр улахан болҕомтону уурар, балаһыанньаны сирэй билсэр, кэскиллээх саҕалааһыннары өйүүр итиэннэ инникини өтө көрөн дьаһайар үтүө хаачыстыбалааҕын ордук бэлиэтиибин. Республика оҥорон таһаарар күүстэрин, энергетиканы, транспоры уонна онон ситимнээн экономиканы сайыннарыыга тыа хаһаайыстыбатын тэҥҥэ туппута. Ол «Тыа сирин социальнай-экономическай сайыннарыы государственнай программатын» маҥнайгы уонна иккис түһүмэхтэрин чэрчилэринэн ыытыллыбыт хамсааһын түмүгэр арылхайдык көстөр. Күн бүгүн улуустар экономикаларыгар тирэх уурар тэрилтэлэр: кооперативнай төрүккэ олоҕурбут бөдөҥ хаһаайыстыбалар, соҕотуопкалыыр, астыыр-таҥастыыр, сылгы көрөр, сүөһү иитэр, үбү-харчыны эргитэр тэрилтэлэр баар буоллулар.Президеммит ыйыытынан үлэлээбиппит түмүгэр, биһиги улууска биир кэлим астыыр ситим тэриллэн, алын сүһүөх астыыр сыахтар базалара хаҥатыллан, 23 аныгылыы хааччыллыылаах типовой сайылык тутуллан, 21 нэһилиэк таһымнаах сүөһү иитэр кооперативтар, уотар пууннар тэриллэн, үүккэ уонна үүт аска киллэриллибит техническэй регламены бэлэмнээх көрсүбүппүт, аны эккэ уонна эт аска киллэриллиэхтээх регламеҥҥа үлэлиибит. Республика иккис Президенигэр В.А.Штыровка улуус бааһынайдара тэрийбит тэрилтэлэрин салайааччы буолан тураммын, хороҕор муостааҕы ууһатар, сыспай сиэллээҕи элбэтэр Чурапчы бааһынайдарын ааттарыттан дириҥ махтал тылларын аныыбын. Чэгиэн-чэбдик буолуохтун. Алексей МАНДАРОВ, «Таба» НАК генеральнай директора:— «Таба» национальнай акционернай таба иитэр компания 1990-с сылларга табаттан ылыллар бородууксуйаны туһаҕа таһаарыыга саҥа саҕалааһын быһыытынан тэриллибитэ. Компания ырыынак экономикатын сыһыаннаһыытыгар киирэр уустук сыллары туораан, атаҕар бигэтик турарыгар республика үрдүкү салалтатын, чуолаан Президент В.А.Штыров көмөтө-өйөбүлэ улахан. Вячеслав Анатольевич салайан олорор кэмигэр табаҕа мораторий биллэриллэн, таба ахсаана элбииригэр олук ууруллубута. Кини эрдээх туруорсуутун түмүгэр, сылгыны уонна табаны иитии курдук Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын төрүт дьарыкпыт национальнай бырайыакка киллэриллэн, федерация таһымынан үп тардыллара ситиһиллибитэ. Ытыктабыллаах Вячеслав Анатольевичка биһиги эйгэҕэ ахсаабат болҕомтотун иһин махтанабыт. Саха сирин алмааһыныы чэгиэн-чэбдик буоларыгар, өссө да үгүс сылларга Сахатын сирин аатын үрдэтэ турарыгар баҕарабыт.
Елена Иванова.
sakha-sire.ru
Хаайыыттан илдьит (ааҕааччы суруга) — Эдэр Саас
Редакциябытыгар сурук кэллэ. Ыарахан олохтоох саха ыччата хараҥа хаайыттан санаатын суруйбут. Сурук ис хоһооно уларыйбата.
«Мин бэйэм туспунан эмиэ суруйарга сананным. Доҕотторум билэллэринэн мин Лэкиэс диэн буолабын, толору сааһым 28-ым буолар. Тоҕо киһи хаайыыга киирдэҕинэ куһаҕаннык санаан, мөкүтүн эрэ ырыталларый? Киһи кыһыйыах, өссө эбэн кэпсииллэр ээ… Арай киһи өллөҕүнэ, «ол киһи барахсан, оннук үтүө майгылаах, маннык үчүгэй киһи этэ» диэн, куһаҕанын тумна саҥараллар. edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат.
Мин 18 сааспын туолан баран, ытык иэспин төлөөн, 2 сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. 2006 сылтан онно-манна быстах үлэлээн көрбүтүм. Дьоллоох Дьокуускай куоракка сылдьан биир кыыһы сүрэхпинэн сөбүлээбитим, харахпынан хайҕаабытым. Кинини эккирэтэн дойдутугар барбытым. Онно тиийэн, дьонуттан көҥүл ылан, ыал буолан дьолломмутум. Тута кылбаа кыталык кыыс оҕоломмуппут. Мин дьиэ кэргэммин иитэр баҕаттан идэбинэн суоппардаабытым, быстах атыны да үлэлээбитим. Кыаҕым баарынан харчы мунньан, дьиэ туттубуппут, массыына ылыммыппыт. Билбэт дойдубар тиийбит буоламмын, кими да билбэт этим, бастаан утаа доҕотторум да суохтара. Дьиэ туттарбар, массыына атыылаһарбар биир да аймахпыттан солкуобай да харчыны көрдөөбөтөҕүм, кредит да ылбатаҕым. Ол кэннэ кыралаан ону-маны атыылааан саҕалаабытым. Дьокуускайга диэр таксилыырым, ол сылдьан таарыйа кууһунан атыылыыр маҕаһыынтан табаар таһарым. Оннук эргинэн, кэлин маҕаһыын арыйбытым. Дьонум туохха наадыйалларын барытын баар оҥоро сатыыр этим. Бэйэм элбэх оҕолоох ыалга иитиллибит буоламмын оҕо сааһым ыараханнык ааспыта. Ол иһин бэйэм оҕобор баҕарбытын барытын ылан биэрэ сатыырым. Онтон кэргэним дьүөгэлэриттэн хаалсымаары суоппар быраабыгар үөрэммитэ, оуноха кыра массыына ылан биэрбитим. Бу суруйарым курдук барыта боростуой баҕайы буотах этэ. Ыарахаттары син биир көрсөрүм. Дьэ, атахпар туран эрэбин дии санаммытым. Доҕор-атас да элбээбитэ, аймахатарым кэлэллэрэ-бараллара.
Туох диэн албынныахпыный? Бэйэм сыыһабар, акаарыбар мээнэ испэт киһи аһыы утаҕы иһэммин, сокуону утараммын хараҥа хаайыыга киирбитим. Билигин хааллыбытым 1 сыл 2 ый буолла. Ол кэмҥэ, дьэ, уларыйыы бөҕө. Олоҕум алдьанна. Кэргэммэр мин куһаҕаммын, ону-маны кэпсээбиттэр. Кэргэним оччолооҕу истэн баран, маҕаһыыммытын, массыынабытын атыылаабыт. Хаайыыга олороммун атастарбар эрийтэлээбитим, «тугун, хайдаҕын билиҥ» диэн дьаһайдым. Биир нэдиэлэнэн манныгы эрэ истиэм дии санаабатаҕым.
Бииктэр диэн тастыҥ убайдаахпын. Ол Бииктэр мин туспунан кэргэммэр ону-маны эбэн кэпсээбит, бэйэтин кэргэнин быраҕан, мин кэргэммэр кэлбит. Оннугу истэммин уһуну-киэни толкуйдаабакка, уолаттарбар этэн, «ойоҕоһун ааҕыҥ» диэбитим. Уолаттарым кырбаабыттар этэ, ол кэннэ Бииктэр ханна эрэ куоппут. Ханна баарын билбэппин. Бииргэ төрөөбүттэрбин көрдөһөн оҕобун ылларбытым. Билигин оҕом улахан эдьиийбэр баар. Дьокуускайга баар дьиэбин куортамнаан, харчытынан оҕобун иитэллэр. Кэргэним, оҕом ийэтэ баҕар кэлэн бырастыы көрдөһөн, кыыспытын ылан, бэйэтэ иитиэ дии санаабытым. Онтум олох да ол киһитин көрдөөн, ханна эрэ барбыт. Ол аата оҕотунааҕар эр киһи күндү дуо? Ама мин 11 сыл тухары оннук киһитин билбэккэ кэргэн оҥостон олорбутум дуо? 8 сыл тухары ситиспит ситиһиим биир сыл иһигэр барыта сүттэ. Бу олоххо миигин аны биир эрэ дьоллуур – оҕом. Кини мин баар-суох күндү киһим. Хаайыыттан таҕыстахпына барытын саҥаттаан саҕалыыбын, оҕобун хайаан да атаҕар туруоруом. Оттон иккистээн ыал буоларым ыарахан буолара буолуо. Миэхэ, хаайыыга олоро сылдьыбыт киһиэхэ, биир эмэ кыыс кэргэн тахсыа дуо? Оҕобун бэйэтин оҕотун курдук таптыа, сыаналыа дуо? Дьон хаайыылаах киһини олох туора көрөллөр дии… Мин биири этиэм этэ: эһиги чугас дьоҥҥут хаайыыга түбэстэҕинэ, эбэтэр номнуо олорор буоллаҕына, кини туһунан туора дьон саҥарарын олох истимэҥ, итэҕэйимэҥ! Ол син биир хабаатыннаран, бэйэлэриттэн эбэн кэпсииллэр. Ол кэриэтэ дьоҥҥутуттан бэйэлэриттэн ыйытыҥ, хаайыыга олорор киһи албыннаабата буолуо дии саныыбын. Хаайыыга ким баҕар киириэн сөп. Чэ, манан мин сурукпун түмүктүүбүн. Олоххутун таптааҥ, сыаналааҥ. Дьоҥҥутугар эрэниҥ, күүтүҥ!
Махтал эйгэлээх Урааҥхай Лэкиэс.
#бүгүн: 1
Сайт матырыйаалларын ааптар көҥүлэ суох ылар бобуллар.Хаайыыттан илдьит (ааҕааччы суруга)
Редакциябытыгар сурук кэллэ. Ыарахан олохтоох саха ыччата хараҥа хаайыттан санаатын суруйбут. Сурук ис хоһооно уларыйбата.
«Мин бэйэм туспунан эмиэ суруйарга сананным. Доҕотторум билэллэринэн мин Лэкиэс диэн буолабын, толору сааһым 28-ым буолар. Тоҕо киһи хаайыыга киирдэҕинэ куһаҕаннык санаан, мөкүтүн эрэ ырыталларый? Киһи кыһыйыах, өссө эбэн кэпсииллэр ээ… Арай киһи өллөҕүнэ, «ол киһи барахсан, оннук үтүө майгылаах, маннык үчүгэй киһи этэ» диэн, куһаҕанын тумна саҥараллар. edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат.
Мин 18 сааспын туолан баран, ытык иэспин төлөөн, 2 сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. 2006 сылтан онно-манна быстах үлэлээн көрбүтүм. Дьоллоох Дьокуускай куоракка сылдьан биир кыыһы сүрэхпинэн сөбүлээбитим, харахпынан хайҕаабытым. Кинини эккирэтэн дойдутугар барбытым. Онно тиийэн, дьонуттан көҥүл ылан, ыал буолан дьолломмутум. Тута кылбаа кыталык кыыс оҕоломмуппут. Мин дьиэ кэргэммин иитэр баҕаттан идэбинэн суоппардаабытым, быстах атыны да үлэлээбитим. Кыаҕым баарынан харчы мунньан, дьиэ туттубуппут, массыына ылыммыппыт. Билбэт дойдубар тиийбит буоламмын, кими да билбэт этим, бастаан утаа доҕотторум да суохтара. Дьиэ туттарбар, массыына атыылаһарбар биир да аймахпыттан солкуобай да харчыны көрдөөбөтөҕүм, кредит да ылбатаҕым. Ол кэннэ кыралаан ону-маны атыылааан саҕалаабытым. Дьокуускайга диэр таксилыырым, ол сылдьан таарыйа кууһунан атыылыыр маҕаһыынтан табаар таһарым. Оннук эргинэн, кэлин маҕаһыын арыйбытым. Дьонум туохха наадыйалларын барытын баар оҥоро сатыыр этим. Бэйэм элбэх оҕолоох ыалга иитиллибит буоламмын оҕо сааһым ыараханнык ааспыта. Ол иһин бэйэм оҕобор баҕарбытын барытын ылан биэрэ сатыырым. Онтон кэргэним дьүөгэлэриттэн хаалсымаары суоппар быраабыгар үөрэммитэ, оуноха кыра массыына ылан биэрбитим. Бу суруйарым курдук барыта боростуой баҕайы буотах этэ. Ыарахаттары син биир көрсөрүм. Дьэ, атахпар туран эрэбин дии санаммытым. Доҕор-атас да элбээбитэ, аймахатарым кэлэллэрэ-бараллара.
Туох диэн албынныахпыный? Бэйэм сыыһабар, акаарыбар мээнэ испэт киһи аһыы утаҕы иһэммин, сокуону утараммын хараҥа хаайыыга киирбитим. Билигин хааллыбытым 1 сыл 2 ый буолла. Ол кэмҥэ, дьэ, уларыйыы бөҕө. Олоҕум алдьанна. Кэргэммэр мин куһаҕаммын, ону-маны кэпсээбиттэр. Кэргэним оччолооҕу истэн баран, маҕаһыыммытын, массыынабытын атыылаабыт. Хаайыыга олороммун атастарбар эрийтэлээбитим, «тугун, хайдаҕын билиҥ» диэн дьаһайдым. Биир нэдиэлэнэн манныгы эрэ истиэм дии санаабатаҕым.
Бииктэр диэн тастыҥ убайдаахпын. Ол Бииктэр мин туспунан кэргэммэр ону-маны эбэн кэпсээбит, бэйэтин кэргэнин быраҕан, мин кэргэммэр кэлбит. Оннугу истэммин уһуну-киэни толкуйдаабакка, уолаттарбар этэн, «ойоҕоһун ааҕыҥ» диэбитим. Уолаттарым кырбаабыттар этэ, ол кэннэ Бииктэр ханна эрэ куоппут. Ханна баарын билбэппин. Бииргэ төрөөбүттэрбин көрдөһөн оҕобун ылларбытым. Билигин оҕом улахан эдьиийбэр баар. Дьокуускайга баар дьиэбин куортамнаан, харчытынан оҕобун иитэллэр. Кэргэним, оҕом ийэтэ баҕар кэлэн бырастыы көрдөһөн, кыыспытын ылан, бэйэтэ иитиэ дии санаабытым. Онтум олох да ол киһитин көрдөөн, ханна эрэ барбыт. Ол аата оҕотунааҕар эр киһи күндү дуо? Ама мин 11 сыл тухары оннук киһитин билбэккэ кэргэн оҥостон олорбутум дуо? 8 сыл тухары ситиспит ситиһиим биир сыл иһигэр барыта сүттэ. Бу олоххо миигин аны биир эрэ дьоллуур – оҕом. Кини мин баар-суох күндү киһим. Хаайыыттан таҕыстахпына барытын саҥаттаан саҕалыыбын, оҕобун хайаан да атаҕар туруоруом. Оттон иккистээн ыал буоларым ыарахан буолара буолуо. Миэхэ, хаайыыга олоро сылдьыбыт киһиэхэ, биир эмэ кыыс кэргэн тахсыа дуо? Оҕобун бэйэтин оҕотун курдук таптыа, сыаналыа дуо? Дьон хаайыылаах киһини олох туора көрөллөр дии… Мин биири этиэм этэ: эһиги чугас дьоҥҥут хаайыыга түбэстэҕинэ, эбэтэр номнуо олорор буоллаҕына, кини туһунан туора дьон саҥарарын олох истимэҥ, итэҕэйимэҥ! Ол син биир хабаатыннаран, бэйэлэриттэн эбэн кэпсииллэр. Ол кэриэтэ дьоҥҥутуттан бэйэлэриттэн ыйытыҥ, хаайыыга олорор киһи албыннаабата буолуо дии саныыбын. Хаайыыга ким баҕар киириэн сөп. Чэ, манан мин сурукпун түмүктүүбүн. Олоххутун таптааҥ, сыаналааҥ. Дьоҥҥутугар эрэниҥ, күүтүҥ!
Махтал эйгэлээх Урааҥхай Лэкиэс.
#бүгүн: 1
www.edersaas.ru
Бэргэн этиилэр. Ох тыллар – МКУК “Таттинская МЦБС”
- Олох охсуһуутуттан туора турар киһи уота өспүт кутааҕа маарынныыр.
- Олох сороххо аламаҕай сирэйинэн хайыһар, сороххо аһыныгаһа суох көхсүн көрдөрөр.
- Бэл, үөн-көйүүр көннөрү олорон ааспыт тиһэх мүнүүтэтигэр диэри туһалаан дуу, буортулаан дуу өлөр.
- Күн сиригэр төлөммөт иэс диэн суох.
- Бу орто дойдуга ханнык да сыыһа-халты быһыы иэстэбилэ суох хаалбат.
- Киһи аҕыах сөкүүндэ иһигэр олоҕун суолун, инники дьылҕатын быһаарынар түгэннэрэ баар буолаллар.
- Олох төһө да итиинэн-тымныынан хаарыйдар, киһи кэһэйбэт эбит.
- Олох – сырдык хараҥалыын, үчүгэй куһаҕанныын, саҥа эргэлиин күрэстэһиитэ.
- Олоҕу, өлөр күн кэллэҕинэ, кэмсиммэт гына олоруохха наада.
- Олох — сырдык хараҥалыын, үчүгэй куһаҕанныын, саҥа эргэлиин күрэстэһиитэ. Софрон Данилов
- Дьолу төһөҕө да соһуччу көрдөххө,
Үөрүүтэ сүрэххэ биллээччи. Тимофей Сметанин
- Оо, олох, кэрэҕин даҕаны!
- Оҕоҕут улааттар улааттын,
Олоххут тубустар тубустун. Петр Тобуруокап
- Саҥа олох саргыланнын,
Кэлэр олох кэнчээрилэннин
Ардах уутун курдук
Ааһан хаалар.
Кэннэки кэлэн
Кэрэгэйин билэн
Кэмсиммитиҥ иһин,
Оҥоһуллубут ончу
Олоҕуттан уларыйбат.
Алампа
- Киһи барахсан бу дойдуга кэлэн да барара кэмнээх, олох да олороро болдьохтоох.
- Киһи олоҕо диэн итинник кылгас, дьоло диэн итинник дьоҕус – көмүс туһахтаҕа күн уота оонньоон күлүм гынан ааһарын курдук түргэн эбит буоллаҕа.
- Олох туһунан киһи сүрүн өйдөбүллэрин кэккэлэрэ олох уларыйыытын сэргэ уларыйан иһэр.
- Олохпут кырдьыга – бэйэтэ поэзия. Далан
- Киһи аймах саас-үйэ тухары сүдү муоралыы бидилийэн, үтүөтэ үөһэ көбөн дьэҥкэрэр, мөкүтэ аллара сөҥөн сытыйар. Амма Аччыгыйа
- Киһи хайдах эрэ үс олохтоох курдук: ис санаатыгар олоҕо, тылынан-өһүнэн олоҕо, дьиҥнээх тугу оҥорорунан олоҕо. Санаабытын иһин, эппэт да баар! Эппитин иһин толорбот да баар… Бүөтүр Тобуруокап
- Өбүгэлэр ситимнэрэ быстыа суохтаах, оҕолор аҕаларын суолларын салгыахтаахтар. Аҕалар ситэ оҥорботохторун кинилэр ситэн оҥоруохтаахтар. Олох диэн оннук. Далан
- Киһи олоҕо – хорсун быһыы.
- Олоххо эрэлин сүтэрбит киһи – тыыннаах өлүк.
- Оҕо биһигин оҥоруу – олоҕу уһаныы тэҥэ.
- …киһи эрэйдээх бэйэтин ситэ өйдөөбөккө өлөн хаалар эбит…
- Олоҕу кытта номох мэлдьи алтыһа, аргыстаһа сылдьар эбээт! Иван Гоголев
- Олоххо да көстөрүнэн куһаҕан өй-санаа, түктэри кэмэлдьи хайаан да содуллаах буолар. Софрон Данилов
- Айахха аһаабыт ас, санныга таҥныбыт таҥас эйиэхэ иҥэн да, сыстан да хаалбакка, уу курдук, утарынан ааһан иһэр. Дьиҥэр, арааһа, олоххо күндү диэн киһи бэйэтэ эрэ быһыылаах. Николай Лугинов
- Кыраттан да дуоһуйа үөрэн, Олорорго үөрэн! Семен Руфов
- Олох олоруу диэн син биир унаара-мэнээрэ биллибэт киэҥ хонууну, бардар бараммат түҥ тайҕаны уҥуордааһын, халлааҥҥа харбаспыт таас хайалары өрө дабайыы, күүстээх сүүрүктээх үрэхтэри, түллэр долгуннаах өрүстэри, кытыастар бааллаах муоралары туорааһын курдук. Олору уҥуордуурга киһи бэрт элбэх эриирдээх-мускуурдаах кир- биилэри көрсүһэр. Ол кирбиилэргэ тиийдэҕин аайы, кини төһө-хачча олорбутун, төһө күчүмэҕэйи көрсүбүтүн өйдөөн- санаан кэлэр. Онтон эмиэ иннин диэки дьулуспутунан барар. Василий Протодьяконов-Кулантай
- Орто дойду
Орто дьону
ордорор.
Ортолорго
Ордук сылаас
Олбохтору оҥорор.
Орто соло,
Орто билэ,
Орто кэрэ,
Орто сэлэ…
Оһох тула
Уһуур киэһэ
Огдолуйбат бэлиэтэ…
- Мал биһигиттэн уһун үйэлэниэ,
Мал кэннибититтэн саҥата суох күлүө…
Олох уонна өлүү…
Өлүү уонна сүтүү.
Бу көстөртөн сүтүү,
Көстүбэккэ умсуу…
Мал быыһыттан сүтүү —
Тыыныҥ быстан көтүү —
Ол буоллаҕа өлүү
Дойдутугар көһүү.
Наталья Михалева-Сайа
- Хара күннэр ардыгар — Эрчим эбэр эбиттэр,
Дьэбир күүстэр сороҕор —
Бойум күүһү бэрсэллэр.
Семен Маисов
- Олоҕу олордоххуна эрэ
Олох диэн тугун билэҕин.
Кими эрэ, таптаатаххына эрэ
Тапталынан иэйэҕин.
Олоҕу үөрэтиэҥ суоҕа
Аҥардас кинигэни эрэ ааҕан.
Ыраҕынан эрэ ылыныаҥ суоҕа
Таптал хайдаҕын таайан.
Саргы Куо
- Дьылҕа диэн баар. Күүстээх санаа киһи бэйэтин дьылҕатын үтүө эрэ өттүгэр уларытар кыахтаах. Феодосия Васильевна Габышева
- Олоҕу олорбут эрэ киһи билэр,
Кини умсулҕаннаах ымсыытын,
Кини баҕатын, кини ыар сыанатын.
Олох биэрэрин тухары
Чымаарыстыыр түктэри:
Кини киһиэхэ
Аҕалыы
Амараҕа ааһыар диэри,
Ылан иһиҥ, ылан иһиҥ
Олох биэрэрин барытын:
Мичилитэр минньигэһин,
Абалаах да аһыытын.
Олох диэн — театр арената.
Онно биһиги артистарбыт.
Холобур буолар олоҕу айан
Хаалларарга дьаныардаахпыт.
Күн аайы саҥатык
Олохтон үөрүөххэ,
Күн аайы, сир аайы
Чахчыны көрдүөххэ,
Көрбуту сонуннук,
Дириҥник өйдүөххэ.
Күн аайы салпакка
Олоҕу таптыахха.
Олох суолун осхордордоох,
Охсуулаах диэн омнуолаама:
Охсуулаах буолан ордук
Ымсыылаах ээ олох суола.
Суол диэн олох.
Олох биир силиһэ.
Суолу солууллар тыыннаах сүрэхтэр,
Эрчимнээх атахтар күрэхтэһиилэрэ
Кинилэри кэҥэтэр,
Үктэллэрин чиҥэтэр.
Чуҥкук олох кэриэтин
Олорботох да ордук.
Үрдүк үөрүү, хомолто —
Таптыыр сүрэх талаана.
- Күн аайы саҥатык
Олохтон үөрүөххэ,
Күн аайы,
Сир аайы
Чахчыны көрдүөххэ.
Көрбүтү сонуннук,
Дириҥник өйдүөххэ
Күн аайы салпакка
Олоҕу таптыахха.
Семен Данилов
- Өбүгэлэр ситимнэрэ быстыа суохтаах,оҕолор аҕаларын суолларын салҕыахтаахтар. Аҕалар ситэ оҥорботохторун кинилэр оҥоруохтаахтар. Олох диэн оннук.
- Киһи олоҕо диэн итинник кылгас, дьоло итинник дьоҕус: көмүс туоһахталаах күн уота оонньоон күлүм гынан ааһарын курдук түргэн эбит буоллаҕа. Василий Яковлев-Далан
- Олох олоруу диэн кэтэһии: өрүү саҥаны, сонуну, соһуччу үчүгэйи, кыаллыбаты, cyoҕ Үксүгэр хаһан да туолбакка, сатаммакка тардыһаҕын, баҕараҕын.
- Дьиҥэр, сирдээҕи олох ис хоһоонунан, дириҥинэн- чычааһынан эрэ сыаналанар. Биир минньигэс түгэн сүүһүнэн сыллааҕар ордук дириҥ, уһун, киэҥ, чиҥ ис хоһоонноох уонна ол иһин ордук күндүтүйүөн эмиэ сөп. Хомойуох иһин, ол барыта ааһан, бүтэн хаалбыта ырааппытын кэннэ дьэ эргитэн саныы, сыаналыы сатыыгын. Саамай абалааҕа баар — орто дойду олоҕо күүгэн курдук эбитин тугу да баҕарбат, кыайбат, кэрэхсээбэт буолан эрэ баран биирдэ өйдүүгүн.
- Олохтон эрэйимэ олус элбэҕи,
Оонньуурдаах харыйа курдук кини.
Күлүмүнэн көрсөр көргө кэлэри
Күн сирэ барыта маннык диирдии.
Савва Тарасов
- Ыар мүнүүтэ —
Киһи бэйэтин сэнэниитэ,
Үрдүк ыратын таҥнаран
Кып-кыраҕа ымсыырыыта,
Көтөр ыырын кыччатан
«Бу да сөп», — дэниитэ.
Ыар мүнүүтэ —
Дууһа аргыый уолуута,
Кут-сүр сөллүүтэ!
- Кып-кыраттан, быстахтан,
Туолбатах түөн санааттан,
Соло, түгэн суоҕуттан,
Хардары аасыһыыттан,
Саҥата суох хаалбыттан
Олох уостар,
Олох самнар,
Олох тиһиллэр,
Олох тиллэр.
- Олох диэн амтана биллибэт
Биирдэ аһыы, биирдэ ньулуун,
Биирдэ кэрэ, биирдэ дьулаан
Күн ситимэ, хонук ситимэ,
Сыл ситимэ, үйэ ситимэ…
Наталья Харлампьева
- Талаһар саҕахтаах,
Ыҥырар ыралаах,
Баҕарар баҕалаах;
Кэрэни долгуйа кэтэһэр,
Үтүөнү эрэнэ күүтэр буоллахха —
Олох олорор Олус да судургу…
- Биир тымтык умайан бүтэринии —
Киһи олоҕо эчи кылгаһын… Семен Maucoв
- Өйдөөхтүк олох олоруу —
Быыһыаҕа биһигини алдьархайдартан, алҕастартан.
- Сатарыйбыт өй-санаа
Олоҕу бутуйар
Албаһа араас.
- Олох олоруу —
Сир тыйыс кыһынын тулуйуу,
Сир куйаас сайыныгар буһуу.
Олох олоруу —
Санаа алҕастарыгар
Кыһыылаахтык мунуу,
Таптал татакайыгар
Сүрэхтиин, сүрэллиин
Кулут буолуу… Саргы Куо
- Олох очурдарын тулуйбакка киһи аһыы ууга умсар, оччоҕо ийэ кут айманар, муҥур уһукка тиийэ барыан сөп. Биирдэ бэриллэр олох чаҕылхай уоттаах күнүн арыгы күлүгэр күлүгүрдүбэккэ, сырдыгы эрэ ыралаан, үтүөнү эрэ үөтэрэн олордорбут ханнык. Мандар Уус
- Ааспыт хомолтону, хоргутууну тиһэ сылдьыы — кэскилэ суох дьыала. Айталина Никифорова
- Ырааһы, сырдыгы ыралааһын, олох үтүө, үчүгэй өттүн таба көрүү кыайыылаах буола турарыгар эрэнэрбит тухары барыта үчүгэй буолуо. Галина Нельбисова
- Олох — хамсааһын. Сымара таас курдук сытан эрэ үйэни моҥуохха сөп этэ да, тыыннаах олоххо ол табыллыбат, сатаммат: хамсааһына суох — тыын киирбэт. Мандар Уус
- Күн көрдө, күн үөрдэ!
Күлүмнүү-көрүлүү
Күөх торҕо халлааҥҥа күөрэйдэ.
Быһыыта, ол онтон,
Ол онтон санаатым:
Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны!
Савва Тарасов
- Өлүү диэн түүл –
Онно эн уһуктубаккын,
Олох диэн дьүүл –
Омуккун ыһыктыбаккын…
- Чуумпурабын –
Билээри,
Утуйабын –
Тиллээри.
- Киһи дьүккүөрэ –
Сүппэт,
Олх мөккүөрэ –
Бүппэт…
Виталий Власов
tattalib.ru
Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия)
Сунтаар улууһа ааттаан-суоллаан ыаллыы сытар, ол эрэн түөртэ өрүһү туоруур устар аалынан, элбэх тимир көлөннөн анаан-минээн ОЛОҤХО ЫҺЫАҔАР сүүс отут киһи кыттааччы, ыалдьааччы быһыытынан, онтон ыалдьыт киһи ааҕан ситиллибэт ахсааннаах ааттаах-суоллаах ыһыахха ыһыахтаатыбыт диэн киэн тута кэпсэнэбит!
Кырылас кумахтаах Бүтэй сыа Бүлүү – Хомустаах ытык сирин саха киһитин сиэринэн саха алаадьытынан күндүлээн түһүлгэҕэ киирэн саҥа тутуулартан, ыалдьыты көрсөр аартыктан саҕалаан моҕол, туос ураһалар, түһүлгэ аайы саҥаттан саҥа көстүүлээх тутуулар, сүрүннээн Үөһээ Дьааҥыга турбут холонноох Аал Луук Мас, уустар түһүлгэлэрэ олуһун сөхтөрдө.
Ыһыах арыллыытыгар эр дьоннор көмүс үс бүтэйи оҥорбуттара, бар дьон Олоҥхо ситимин олохтообуттара, Хомус бэлиэлэрин өрө тутан ойуулаабыттара, олоҥхоһуттарын Харатаайабы уруйдаан улахан айымньытын толорбуттара, оҕо дьон олоҥхолоон омолуйбуттара, кыыс бухатыырдар күөн көрсүбүттэрэ, ыһыах кылыһахтаах алгыһа, улахан киһилэрин М.Н.Жирковы өрөгөйдөөбүттэрэ барыта киһи сиэринэн кэрэтэ олус кэрэ этэ...
Түгэнинэн туһанан махтаныаҕы, биһирэм тыллары тэрийээччилэргэ, дойдулаахтарга аныыбын уонна сүрүннээн олоҥхо үйэтин кэскиллээхтик уһатар бас-көс күндү Александр ЖИРКОВКА махталым улахан, үрдүк сололоох киһини оһуохайга кыл түгэн көрсөн илиититтэн тутан "Олоҥхо ыһыаҕынан!" диэн төһө эмэ сэмэйдик эҕэрдэлээтэрбин, ити аата эйиэхэ элбэх махтал тыллары анаан үтүөнү түбэһэ түһэн түстээбиппинэн үөрэбин!
Сунтаар дьонун бу үөрүүлээх түһүлгэҕэ үөрэ-көтө, олус истиҥник уонна бэйэ дьонун уу чугастык ХАЛБААКЫ нэһилиэгэ, баһылык Алексей Иванович ВАСИЛЬЕВ көрүстэ! Икки күн устата сүүс киһиэхэ минньигэс чалбараҥ тэрийэн сунтаардар күннээтибит. Ол да иһин астына-махтана улууспут аҕа баһылыга Анатолий ГРИГОРЬЕВ Сунтаар бастыҥ ууһун анабыл быһаҕын, "Сунтаар олоҥхо дойдута" диэн көмүс сериятын бэлэх уунна. МАХТАЛ Халбаакыларга. Салгыы бачча элбэх киһини куратор быһыытынан арыаллаата кэрэчээн, олус бигэ санаалаах Екатерина Ефимовна БАКАРОВА - опека үлэһитэ киниэхэ туспа истиҥ махтал уонна биллэн турар икки күн устата хонуктаабыт БҮЛҮҮ ПЕД. КОЛЛЕДЖЫН коллективыгар!
Сунтаар бу ытык күҥҥэ бары күрэххэ холоннубут, үгүс тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ыллыбыт. Ол курдук биһиги ситиһиилэрбит:
УЛУУ ОЛОҤХОҔО
Эдэр ыччакка КЫЛААН ОЛОҤХОҺУТ аатын биэс сыл устата холонон-уһуйуллан кэскиллээх ыччаппыт АЙСЕН ФЕДОРОВ сүктэ! Олоҥхону бөлөҕүнэн толорууга "ОЛОҤХО ОҺУОРА" (сал. Никандр Тимофеев) Сунтаар бас-көс дьонун бөлөҕө "Олоҥхо түһүлгэтин бастыҥ толорооччулара" үрдүк ааты ылан кылааннааҕар ордук курдук сананныбыт. Манна кытыннылар олоҥхоһут: Никандр ТИМОФЕЕВ, Бухатыыр: сбербаан бочуоттаах салайааччытынан үлэлээбит Егор ТИМОФЕЕВ, Сайбарыын эмээхситтэр: КСП хотуна Ксения СЕМЕНОВА, Култуура салалтатын кыл. бухгаалтыра Наталья ЭКОНОВА, Бухатыыр аҕата: Үөрэҕирии салалтатын салайааччыта Гаврил ЕРЕМЕЕВ, Чыычаах: Доруобуйа харыстабылын кыл. бырааһа Светлана ИВАНОВА, Абааһы кыыһа: Опека хотуна Оксана ЕРЕМЕЕВА, Абааһы Уола: "Урожай" спортивнай уопсастыба салайааччыта Дмитрий СПИРИДОНОВ, Аалыы Кыыдаан кыыс Бухатыыр: култуура хотуна Мария КОБЕЛЬЯНОВА. Биһиэхэ тэрилтэ салайааччыларыгар "Хатан Эрбийэ Бухатыыр" иитиэхтэн үөрэппит Никандр Прокопьевичпыт олоҥхолообуппутуттан дьолломут хараҕа, алгысчыппыт Егор Тимофеев астынан сахалыы истиҥник сыллаан ылбыта биһиэхэ үрдүк үөрүү уонна наҕараада буолла, ону кытта дьүүллүүр сүбэ "БАСТЫҤ ОЛОҤХОНУ КӨРДӨРӨН ДЬОЛЛООТУГУТ", - диэбит тыллара кулгаахпытыгар олохпут тухары күндү түгэн быһыытынан хатанан хаалыаҕа!
Улахан дьон олоҥхотугар Элгээйиттэн Изабелла Макарова – Толоон Туорааҕа быйылгы улууспут бастыҥ олоҥхоһута "Кылыһахтаах ырыалаах" анал ааты ылла.
Кэскиллээх олоҥхоһуппут Бордоҥтон Сережа ЯКОВЛЕВ улуу олоҥхоҕо холонон туоһу сурук тутта.
ӨБҮГЭ ЭЛБЭХ КӨРҮҤНЭЭХ СПОРТИВНАЙ ООННЬУУЛАРЫГАР
Кутанабыт күүстээх бөҕөһө, мадьыныта, олоҥхо ойууланар Үрүҥ Уолана *Рустам Ксенофонтов* төрдүс төгүлүн кыайылаах үрдүк аатын ылан биир дойдулаахтарын, элбэх да көрөөччүлэри, ыалдьааччылары үөртэ!
ДЬӨҺӨГӨЙ ОҔОТУН МААНЫЛААХ СИМЭҔЭР
Кутанаттан *"СИТИИ" түмсүү* (сал. Валентина ДЬЯЧКОВСКАЯ) *КЫЛААН аатын* ылан 50.000 бириистэннэ.
Сунтаартан *"САРЫАЛ" түмсүү*(сал. Альбина ФЕДОРОВА) үһүс миэстэ буолан 10.000 бириистэннилэр.
САХА ТАҤАҺЫГАР
"СУНТААР СИТИМЭ" түмсүү (сал.Антонина КИРИЛЛИНА) үс араас саха таҥаһын бөлөҕүнэн көрдөрөн *КЫЛААН аатын* сүгэн 30.000 бириистэннэ
"ЛИДИЯ" ателье (сал.ЛидияФЕДОРОВА) аныгы саха таҥаһыгар 3 миэстэ буолан 10.000 бириистэннэ.
Дьиэ кэргэн сахалыы таҥаһыгар Сунтаартан Ньургууна, Аркадий ИВАНОВТАР 3 миэстэ буолан 10000 бириистэннилэр.
Ону кытта улус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил кэргэнинээн Евдокиялыын МАКСИМОВТАР дьиэ кэргэттэрэ анал аат ылан 5000 ыллылар (быйыл санатан эттэххэ Сунтаар ыһыаҕар баһылыктарбытын кытары, улус дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ толору сахалыы таҥаһынан дьон биһирэбилин ылбыттара, онтон бастыҥнара Максимовтар буолбуттара)
ОҺУОХАЙГА
Тойбохойтон далбар этээччибит Лилия МИХАЙЛОВА Туймаада ыһыаҕар бастыҥ этээччи буолан кэлэн Олоҥхо ыһыаҕар эмиэ бастаата. Киниэхэ икки бүк эҕэрдэ!
Дьэ, эрэ оҕо этээччигэ, бастакытын холонон улууһугар бастыҥ ааты ылбыт Маар-Күөлтэн Виолетта ПЕТРОВА кэрэ-намыын куолаһынан бастаан барыбытын соһутан Сочига путевканы ситистэ Сиэйэттэн Марина ХОМПОДОЕВА сиэдэрэй кылыһахтаах үҥкүүтүнэн 3 миэстэ буолла.
Оһуокайбыт түмсүүтүн салайааччыта Саргылана МЕРКУРЬЕВА былырыыҥҥы Дархан этээччи анабыл бирииһин тутта.
Элгээйиттэн кэскиллээх этээччи Евдокия ЗАХАРОВА-МАКСИМОВА диплом ылла.
УРАН УУСКА
Уолаттарбыт бары өттүнэн дэгиттэрдэрин көрдөрдүлэр:
Василий УАРОВ саха быһаҕын күрэҕэр 1 миэстэ, хомуһу уһаныыга 2 миэстэ буолан Кылыадьы Уус анал бирииһин тутта
Бордоҥтон Кирилл ПЕТРОВ улахан үлэлээх батыйаҕа, ох сааҕа 2 миэстэлэри ситистэ, быһахха, хомуска 4 миэстэ буолла
Егор ТАРТАКОВ хомуска "Ыллыыр хомустаах уус"анал ааты сүктэ.
Күүкэйтэн Дмитрий НИКОЛАЕВ хомуска анал аат ылла.
Саҥа холонор Михаил НИКИТИН быһаҕа бастыҥнар ааттарыгар киирдэ.
Мас оҥоһуктарга бастыҥ маһы ыллатар ууспут Иннокентий ИВАНОВ 3 миэстэни ситиһэн 10.000 бириистэннэ.
ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ТАЛЫЫ-ТАЛБА ЫЧЧАТА
Бу күрэххэ Москубаҕа үөрэнэр ыччаттарбыт Сандаара Иванова уонна Дьулус Николаев бары өттүнэн талааннаахтарын бар дьоҥҥо көрдөрөн "Бастыҥ паара" аатын ситистилэр.
ХОМУСКА
Сунтаартан Андрей ФЕДОРОВ (сал. Тамара СПИРИДОНОВА) "Кэскиллээх толорооччу" анал ааты сүктэ, Надежда Петрова кыттан туоһу сурук тутта.
ТОЙУККА
Михаил ЕВСЕЕВ – Кураһаай Мэхээлэ "Ураты кылыһах" буолла салгыы куоракка ыытыллар Аан Дархан түһүлгэтигэр холоно барда, Айсен ФЕДОРОВ тойукка 2 миэстэ буолла, Туяра АЛЕКСЕЕВА анал ааты ылла.
УРАН УУСТАР БЫЫСТАПКАЛАРЫГАР
Кутаналар, Бүлүчээннэр кыттаннар "СИТИИ"түмсүү "Кыл сиэл" анал ааты, оҕуруоҕа, кыбытык тигиигэ бастааннар 20000 бириистэннилэр. Кутанаттан эдэр иистэнньэҥ Саргылана НИКИФОРОВА оҕуруоннан тигиигэ 2 миэстэ буолан 20.000 бириистэннэ
Бүлүчээнтэн "САХА САРГЫТА" түмсүү сиэлгэ 2 миэстэни ылан 15.000 бириистэннэ.
ДЭГЭРЭҤ ЫРЫАҔА
Тойбохойтон "ДУОРААН" ансамбыл (сал. Александра ТИТОВА) кыттаннар туоһу сурук ыллылар.
ПОЭЗИЯ КҮРЭҔЭР
Элгээйиттэн Изабелла МАКАРОВА – Туос туорааҕа биһирэбил ылла.
ТҮҮҤҤҮ БАЯНЫНАН ҮҤКҮҮГЭ
Тойбохойтон киэн туттар киһибит Клара ТИХОНОВА Бүлүү байаныыстарын кытта сэргэстэһэ оонньооннор ыһыаҕы олуһун киэргэттилэр. Клара Степановна Бүлүү куоракка олоҕун биир бастыҥ суолтата буоларын үөрэ-көтө үөрүүтүн ити курдук үллэһиннэ.
ЫҺЫАХ ЫАЛДЬЫТТАРЫН ЭҔЭРДЭ КЭНЦИЭРИГЭР
Сунтаарбыт чаҕылхай сулуһа Анна ТОТОНОВА "Дьол" ырыатынан элбэх дьону дьоллоото!
МАНЫ ТАҺЫНАН
Биһиги Сунтаарбыт ытык-мааны тоҕус уоннарыгар чугаһаабыт кырдьаҕастар, төрөөбүт түөлбэбит далбар хотуна МААРЫЙА ЧОКУРОВА уонна Сибэккилээх Сиэйэ ытык киһитэ ДЬӨГҮӨР НИЛОВ ытык-мааны ыалдьыт буолбуттара Бүлүү ОЛОҤХОТУН ЫҺЫАҔЫН сүрүн суолтата уонна дьоло буолаллар!
Дьэ ити курдук бары тэрээһиҥҥэ холонон, сорох бастаан, онтон хаалбыта "Олоҥхо ыһыаҕар сырыттыбыт", - диэн астына тиийэн кэллибит ситиһии көтөллөөх төрөөбүт дойдубутугар Сунтаарга!
Бу айаҥҥа, тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут дьоммутугар баһылыкпытыгар А.В.Григорьевка, соц. уонна имидж политикаҕа солбуйааччыга У.Д.Поповаҕа, баһылыгы бастакы солбуйааччыга Н.П.Александровка тимир көлөннөн көмө буолбут РСДЮСШОР салайааччытыгар Д.А.Даниловка, автобус суоппарыгар Вячеслав Григорьевка, Үөрэҕирии салалтатын салайааччытыгар Г.М.Еремеевка, автобус суоппарыгар Алексей Алексеевка, КСП салайааччытыгар К.П.Семеноваҕа, Доруобуйа харыстабылын кыл.бырааһыгар С.К.Ивановаҕа уонна бары Олоҥхо ыһыаҕын кыттыылаахтарыгар, култуурам салалтатын үлэһиттэригэр барҕа махталбын биллэрэбин!
БИҺИГИ СУНТААРДАР ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ДЬОНО ОЛОҤХО ЫҺЫАҔАР СЫЛДЬАН УЛУУ ОЛОҤХОНУ УРУЙДААТЫБЫТ, ЫТЫК-МААНЫ ЫҺЫАҔЫ АЙХАЛЛААТЫБЫТ!
Толору астына-дуоһуйа аахпыттарга махтал!
Мария КОБЕЛЬЯНОВА-ТУСКУЛААНА
mr-suntarskij.sakha.gov.ru