Тэрилтэлэринэн Кыайыы 65 сылыгар, Учуутал сылыгар аналлаах фестиваль – конкурс «Мичил» уһуйаанын кэнсиэрин сценарийа. Үтүө киэһэнэн күндү Күппүт олохтоохторо! Бүгүңңү дьоро киэһэбит Улуу Кыйыы 65 сылыгар, Учуутал сылыгар уонна оскуола иннинээђи ођону иитии – үөрэтии кыһата Саха сиригэр тэриллибитэ 90 сылыгар анарар. А5а дойду сэриитин ветеранын, убаастабыллаах Давид Никитиһы уонна тыыл, улэ ветераннарын, ођону иитии – үөрэтии кыһатыгар үлэлии сылдьар бар дьоммутун бу үөрүүлээх . Ба5арабыт эьиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьоллоох, эйэлээх уьун оло5у! Эђэрдэ тылын тиэрдэр «Мичил» уһуйааммыт заведующайа Моисеева Наталья Ивановна. Сыанађа сайыңңылыы сайылык обраһа: сэргэђэ ат баайыллан, хатың мастар саламалаах тураллар. Сайыңңы фон музыка тыаһыыр: чыычаах ырыата, кэђэ куолаһа, хомус тыаһа иһиллэр. Сыанађа сайылык дьахталлара киирэн кэлэллэр: ким ыађастаах, ким тууйастаах, ким чаппараахтаах киирэн атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэр, сэһэргэһэллэр. (чуумпу, дьоллоох олођу көрдөрөллөр) Хоһоон: Сэмээр сиккиэр тыалынан Сэбирдэђи хасматар, Сырыал күнүн уотунан Сырылата куйааран, - Илгэ сайын кэллэ. Кыынньа көөймүт арыылаах Кымыһынан дьалкыйан, Көрдөөх-нардаах оонньуулаах Күндү кэммит барахсан, - Кэрэ сайын кэллэ. Сылыбырас самыырын Сыыйда уулаах былыта, Аста дьарђаа кустугун Алаарыйар халлааңңа, - Үтүө сайын үүннэ. Солко нуолур от ситэн Суугуннура долгуйда, Бурдук арыы саһаран, Будьуруйан тађыста, - Быйаң сайын буолла. (Д. Васильев) Эмискэ сэрии тыаһа (автомат, саа, танка, самолет) иһиллэр. Бары куттанан аймана түһэллэр, онтон биллэрии иһиллэр. Ону истэн айманаллар, ытаһаллар – соңоһоллор. Бу бириэмэђэ тыллар: Вставай, страна огромная, Вставай на смертный бой, С фашистской силой темною С проклятою ордой! Сыанађа эмээхсин (Дарья Кондратьевна) көмүлүөк оһођун иннигэр тиийэн олорор. Уола (Сергей Николаевич) киирэн кэлэр: - Ийээ, мин баран эрэбин. - Тоойуом, кэл, аттыбар олоро түс эрэ. ТӨРӨППYТ АЛГЫһА. Ођобут бэлиэ киhи: Уңуохтаах көнөтө, Былчыңнаах кытаанађа, Сырыылаах сыыдама, Өргөстөөх харахтаах, Өрүөл көтөрбүт! Дьэ, кытаат – Санаммыт санаађын мөлтөтүмэ, Туппут илиигин ыhыктыма, Yктэммит сүhүөххүн хамсатыма Туохтан да толлума! Түүңңү түүлбүт үчүгэй, Күнүскү биппит дьоhун. Эйиэхэ, көмүс күөрэгэйбитигэр Алгыс тылы биэрэбит: «Алгыс баhа сыалаах» Бу баран сылдьарың Усталаах – туоратыгар Уоттаах буулдьа таппатын, Уhуктаах тимир хоппотун, Сыттаах дьаат сыстыбатын! Иңсэлээх илиэhэй, Хаанымсах өстөөх Сидьиң сэриитин ураты Харса суохтук Хардыылаан киирэңңин: Аан өттүттэн алдьат, Түгэх өттүттэн дьөлөрөт, Yрүт өттүттэн үрэй! Алгыс кэннэ бараһаайдаһаллар, аргыый тахсан бараллар. Пароход тыаһа иһиллэр. Сыанађа үс маңан былааттаах кыргыттар (Клавдия, Сардана, Шура) тахсаллар. Кыргыттар Алдан өрүс кытыытыгар киирэн эрэр курдук көстөллөр. Далбаатыы тураллар. Ведущий: Память о павших свята. Был ясный день июльский, Сияло солнце высоко, Трава, слегка качаясь, зеленела, Пестрели яркие цветы. И юным сенокосчицам «Коммунны», Смешливым маленьким девчушкам Было радостно начать Привычным ставшим труд на Тёлбе. Бригадир их дядя Петр Винокуров Прискакал из села родного Кюпцев. Молчаливый, грустный вид его Встревожил маленьких девчонок. Сказал он тихо: «Сегодня провезут их мимо, ждите, Ваших старших братьев и любимых На барже-пароходе везут их из улуса». Стало тихо… Березки вековые закачались Цветы поникли, потемнело солнце, Подкрались и закрыли тучи небо. Девчонки, взрослые работники покоса Все пошли на берег И шаг их был унылый. Пришли и ждут. Стояли долго. Шелестели волны, Тревожно перекликались чайки. Все ждали пароход. Вот он идет, везет свой груз тяжелый. Живой товар, чтоб бросить в жерло Прожорливой войны. Заплакали девчонки. -Варя вон они, ты видишь? -Вижу, Анка. Все увидели своих родных. С баржи им замахали, То был их взмах прощальный Родным местам, сестренкам милым -Прощайте все, пишите письма. -Ждите нас! -Живите хорошо! -Растите быстро, помогайте мамам! Неслось с баржи, их отгоняли Накренился пароход уж сильно. А девочки-малышки все им махали, Белые платочки с головы сорвав, От слез уж вспухли лица Сердца их разрывались, Предчувствуя ужасную беду, Разлуку верную и боль утраты. Померкло солнце. Горе было сильно. Все молча плакали. Уехали все лучшие сыны Колхозов «Путь коммуны» и «Чапаев» С «Большевика» уехали немало. Самых умных, добрых и красивых Сильных духом, верных сердцем Война здесь выбирала Цвет земли родной, Гордость стариков седых, Надежду, радость матерей, Мужей любимых, молодых. А многие уехали не узнав Земную радость, Лишь только жизнь начав, Так все печально это. Прошли года, Выросли, состарились сестренки Варя Апросимова и Жиркова Анка. Но не стерли прожитые года Тот день печальный и прощальный. Тяжкий труд в колхозах. Сквозь радость жизни Пронесли они святую память О братьях, что погибли Для жизни светлой родным и близким. Чтобы цвели в аласах, Сияло солнце над землей родной Святая память. Пятьдесят прошло с той войны ужасной. Но живы в памяти родной все Кто не пришел домой. Мы чтим их всех. Не плачьте, сестры. Ведь как не тяжела утрата Она свята. Вот как бы сохранить ее На все века? Чтоб дольше помнили их дети наши. Внуки, правнуки и все Кто будет дальше жить, Когда уйдем с земли мы все. Не надо нам войны! Чечни не надо! Нелепо все и страшно это. Ведь места на земле всем хватит. Зачем девятнадцатилетних забирать? Как тогда когда-то? Зачем им умирать, за что? Остановитесь, люди! Нет войны—не надо! Ведущий: Жди меня, и я вернусь, Только очень жди. Жди, когда наводят грусть Желтые дожди; Жди, когда снега метут, Жди, когда жара. Жди, когда других не ждут, Позабыв вчера. Жди, когда из дальних мест Писем не придет, Жди, когда уж надоест Всем, кто вместе ждет. Жди меня, и я вернусь. Не жалей добра Всем, кто знает наизусть, Что забыть пора. Пусть поверят сын и мать В то; что нет меня. Пусть друзья устанут ждать, Сядут у огня, Выпьют горькое вино На помин души... Жди — и с ними заодно Выпить не спеши... Эмискэ сэрии тыаһа иһиллэр. Сыанађа 1 киһи (Сергей Николаевич) киирэн иһэн ытыллан охтон түһэр. Санитарка (Светлана Ивановна) киирэр, бастакы көмө оңорор (биинтэлиир, соһон, өйөөн сыанаттан таһаарар). Ырыа «Капитан Гастелло»: Клавдия Михайловна ыллыыр. Чурапчы алдьархайдаах көһүүлэрэ. Партия обкомун бюротун 1942 сыл атырдьах ыйын 11 кʏнʏнээ5и ыйаа5ынан – Чурапчы колхозтарын аҥарыттан ордуга Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ устун балыкка диэн ааттаан кɵhɵрʏʏгэ утаарыллыбытара. Уоттаах сэрии кэмигэр, Улуу кураан кэлбитигэр, Кʏhʏн эмиэ баччаларга, Кыhын кэлэн эрдэ5инэ «Кɵhʏʏ» диэн суостаах дьаhал Алаас ыалларын аймаабыта. Кыhын этиҥ эппитинии, Халлаан сууллан тʏспʏтʏнʏʏ, Иккис сэрии буолбутунуу Алаас чуумпу ыалыгар Бу соhумар дьаhал этэ, Бу иэдээн илдьитэ этэ. Василий Петров – Айыл «Кɵhʏʏ» диэн поэматыттан быhа тардыы. Булуңңа кɵhɵн тиийиилэригэр муус аннынан ɵрʏскэ илимниир биригээдэлэри тэрийбиттэрэ. Тʏʏннэри - кʏнʏстэри сынньаммакка фроҥҥа диэн балыктыыллара. Аччыктааhын, аhа – таҥаhа суох буолуу 1942 сыл алтынньы ыйыттан 1944 сылга диэри буолбута. Кɵhʏʏ ыарахан усулуобуйатын тулуйбакка, дойдуларыгар тиийбэккэ 280-ча Чурапчы дьонун кɵмʏс уҥуохтара Булуҥ оройуонугар ʏйэ – саас тухары хаалбыттара. Ветеран Хобороос хоһооно аађыллар. Ол бириэмэђэ сыанађа Чурапчылар көһүүлэрин көрдөрүү. ВЕТЕРАН ХОБОРООС. (Тыыл ветерана, 8 о5о ийэтэ Барашкова Февронья Петровна 80 сааhын туолар юбилейыгар анаан). Кырыктаах кыргыhыы ʏгэннээн барара, «Бары кʏʏhʏ барытын – фроҥҥа!» - дэнэрэ, Кʏннэри - тʏʏннэри ʏлэлээн тахсара, Эдэркээн оло5ун Кыайыыга аныыра. Урукку ыанньыксыт быар куустан олорбот: Сайынын – от оттуур, ферма5а ʏлэлиир; Кыhынын - сʏɵhʏтун аhатар – уулатар, Кɵлɵнɵн от тиэнэр, ньирэйин бʏɵбэйдиир. Лэппиэскэ оҥорор бурдугун тардынар, Уу баhан киллэрэн дьоннорун аhатар, Yс ыйдаах о5отун эмиийдиир, биэбэйдиир, Дьоннорун таҥаhын иистэнэн хааччыйар. Сут – кураан сылларга былдьата сыспыта – Аччыктаан – харгуйан иэ5эҥнэс буолбута,Сценарий празднования дня победы для детских садов на якутском языке. Э5Эрдэ тыллар детсад улэьиттэригэр
Сценарий празднования дня победы для детских садов на якутском языке
Хаатыр5а ʏлэтин эрэйин билбитэ.
«Хайыһар» музыката тыаһыыр. Сыанађа ырыа толорооччулар тахсаллар. Ырыа бүппүтүн кэннэ Ильмень күөл туһунан текст аађыллар.
Номоххо киирбит кырдьађас Новгород куорат аннынаађы Ильмень күөлгэ немец фашистарын утары кырыктаах кыргыhыы 1943 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр сађаламмыта. Байыаннай историктар суруйууларыгар «Старай Русса оройуона» диэн бэлиэтэммит бу сиргэ 188-с стрелковай девизия Сибиир дьиппиэн уолаттарыттан сүүмэрдэммит 19-с, 20-с, 21-с туспа хайыhар биригээдэлэрэ сэриилэспиттэрэ. Кинилэр састааптарыгар лөкөй тайађы хайыhарынан эккирэтэн ситэр, тииңи харахха түhэрэр, хапсађайга, мас тардыhыытыгар, атах оонньууларыгар ыhыах мүhэлэрин толору хомуйар саха толуу уолаттара элбэхтэрэ. Аңардас 19-с биригээдэђэ саха 393 саллаата баара биллэр.
Иһэллэр мин дойдум уолаттара,
Иһэр уон тохсус биригээдэ.
Саллаат тохтообот тыынын куоттара
Тыйыс күн – дьыл тирээтэ.
Инники, инники кимэн иһиң
Саха уола Сахам сирин иһин
Иилмэн «хотун» мууһунан.
Тимир бытарыйар, тоң муус тостор,
Этиңнэр күөлгэ хаамаллар.
Саллаат турар, саллаат эмиэ охтор
Күөлбүт хаанынан тааңнанар.
Бу барахсаттар барыларын кэриэтэ Ильмень күөл халың мууhун анныгар үйэ-саас тухары хааллахтара.
Ведущий: Женщины-солдатки: матери, сестры, жены, любимые... Сколько лишений и трудов выпало на их долю в эти страшные годы войны. Ждать с войны сына, брата, мужа... Но при этом растить детей, выращивать хлеб, стоять до изнеможения у станка. А многие воевали рядом с мужчинами.
Ыытааччы:
4 дьыл кэмэ: Саас – бурдук ыһаллар, хортуоска олордоллор.
(Наталья Владимировна, Светлана Ивановна киирэллэр)
1941 сыллаахха
Биhиги дьоннорбут
Сэриигэ бараллар.
Ийэлэр кэргэттэр
Атаара киирэллэр
Алдаммыт биэрэгэр
Далбаатыы хаалаллар.
Кинилэр хааланнар
Yлэ – күүс буолаллар
Бурдугу үүннэрэн
Фроңңа ыыталлар.
Сайын – от охсоллор, хомуйаллар. (Клавдия Михайловна, Ульяна Афанасьевн)
Оту да оттууллар,
Сүөhү да көрөллөр.
Куобађы бултааннар
Түүннэри кинилэр
Yтүлүк тигэннэр
Фроңңа ыыталлар.
Ол куобах үтүлүк
Саллаакка санаппыт
Кини ыраах дойдутун,
Төрөөбүт алааhын,
Ийэтин илиитин,
Тапталлаах кэргэнин,
Дьиэђэ баар ођотун.
Күһүн – бурдук быһыыта, хомуйуута. (Дарья Кондратьевна, Наталья Ивановна)
Дьоннорун санааннар
Ол кэннэ саллааттар
Кыhыйан – абаран
Кыргыhа бараллар.
Ол кэннэ кинилэр
Геройдуу охтоллор,
Yйэлэргэ кинилэр
Эдэрдэр буолаллар.
Кыһын – масс мастааһын, муус киллэрии. (Мария Иннокентьевна, Александра Ивановна)
Геройдар дьонноро
Дьиэђэ баар кэргэттэр,
Кыракый ођолор
Тулаайах хааланнар
Ытаhар буоллулар.
Ыарахан этилэр
Ол сэрии сыллара!
Ведущий: Встал солдат, но
Не шагнуть солдату...
Мать-старушка в деревенской хате
В тяжком горе рвать виски седые,
Ждать и за околицу ходить...
Мертвые остались молодыми,
Сколько б мы ни продолжали жить.
Ырыа «Мин биллэрэбин»: Лилия Иванова ыллыыр.
Ырыа бириэмэтигэр дьахталлар киирэллэр, сурук кэтэһэ олороллоро көстөр. Сыанађа сурук тарђатааччы киирэр. Суруктарын тарђатар. Сурук туппатах дьон ытаһаллар – соңоһоллор.
Ыңырыллан барбыта саха уола,
Алаһа дьиэтиттэн тэйбитэ.
Кинини атаара хаалбыта сайыңңы кустук,
Күһүңңү тыал, кыһыңңы чысхааннаах тымныылар.
Онтон ыла утуйбат ийэтэ,
Күнүстэри, түүннэри ытыыра.
Сурук суох, сурах иһиллибэт,
Сођотох ођотун ийэтэ көһүтэр.
Хос ырыата:
Мин биллэрэбин Аан дойдуга
Сахам сирэ сэриини бађарбат.
Мин бађарабын Орто дойдуга
Уһун үйэлээх, дьоллоох олођу.
Ол уоттаах кыргыһыы кэмигэр
Кини дођотторун сүтэрбитэ.
Санаан ылбыта сахатын сирин,
Ийэлээх ађатын, чугас дьоннорун.
Ким буруйугар ођунна,
Эдэркээн сааһыгар саха уола.
Орто дойду олођун билбэккэ
Ийэлээх ађатыттан букатын бардађа.
Биллэрии иһиллэр: Кыайыы буолла!
Ведущий: И все-таки долгожданный день пришел. 9 мая 1945 года — День Победы, день всенародного ликования, радости, но радости со слезами на глазах: 20 миллионов жизней стоила нам эта победа.
Весь под ногами шар земной.
Живу. Дышу. Пою.
Но в памяти всегда со мной
Погибшие в бою.
Пусть всех имен не назову,
Нет кровнее родни.
Не потому ли я живу.
Что умерли они!
Бугун Кыайыы кунэ,
Бугун дьоллоохтор куннэрэ,
Болуоссаттар уулуссалар туоллулар,
Бочуоттаах саллаат дьоннорунан,
Уордьаннарынан умайа кыыстылар,
Оонньоотулар мээтээллэр тыастарынан.
: Бугун биhиги кэриэстиибит сэрии толоонугар охтубуттары. Бугун биhиги чиэстиибит эйигин, сугуруйэбит эйиэхэ сэрии, улэ ветераннара!
Ыыт: Улуу болуоссат туоhугэр умайар,
Умуллан уостубат ча5ыл уот,
Ураа хаhытыы охтубут байыастар,
Уйэлээх тыыннара ча5ыл уот.
Убаастабыллаах биир дойдулаахтарбыт, сэрииттэн тоннубэтэх буойуттар кэриэстэригэр биир мунуутэ суhуохпутугэр туран сугуруйуо5ун
Манан э5эрдэ кэнсиэрбит тумуктэнэр. Оссо тогул эhигини Кыайыы кунунэн э5эрдэлиибит! Кунду ветераннарбытыгар, бар дьоммутугар ыраас куннээх халлааны, дьиэ кэргэннитигэр эйэни, о5о-сиэн тапталын, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны ба5аран туран суhуохтээх бэйэбит сугуруйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хонкуйан, бар5а махтал тылларынан уруйдуубут-айхаллыыбыт!
Эhиэхэ сиргэ диэри сугуруйэбит, ба5арабыт эhиэхэ сэргэх ойу-санааны, этэннэ буолууну итиэннэ уhун уйэлэниини! Или-эйэни, улахан дьолу-соргуну!
Ыыт: Бар5а махтал тылларынан уруйдуубут-айхаллыыбыт! Оссо тогул эhигини Кыайыы кунунэн э5эрдэлиибит!
infourok.ru
"Бүтэһик чуораан" - сценарий последнего звонка на якутском языке
«Бутэьик чуораан – 2015» (торжественнай чааьа)
(Заала иьигэр музыка тыаьыыр. Кылаастар сааьыланан тураллар 1, 2,3,5,6,7,8,10).
Вед1: Саца уйэ сарсыардатын
СаЬар5ата сандаарда,
Сайдыы-уунуу сардацатын
Сырдык уота сыдьаайда.
Сахабыт сарсыццы саргытын
Салгыахтаах кэнчээри ыччаты
Сырдыкка угуйар оскуола
Хатырык урдунэн сандаарда.
Вед2: Утуе кунунэн, убаастабыллаах ыалдьыттар, учууталлар, кунду терепуттэр уонна уерэнээччилэр! М.К.Аммосов аатын сугэр ытык оскуолабыт бэйэтин выпускниктарын олох киэн аартыгар уктэннэрэр «Бутэьик чуораан» бырааьынньыгынан барыгытын итиитик – истицник э5эрдэлиибит.
Вед1: Бастатан туран дохсун ытыспыт тыаьынан керсуе5уц быйылгы уерэх дьылыгар оскуола араас суьуехтэрин бутэрэр выпускниктарбытын. Эьиги иннигитигэр алын суьуех выпускниктара – 4 кылаас уерэнээччилэрэ. Кылаас салайааччыта Иванова Галина Васильевна. Бу кылааьы барыта 18 о5о бутэрэр. Кинилэр истэригэр бааллар 1 уерэх туйгуна, 8 учугэй уерэхтээхтэр.
Вед2: О5олор эт-хаан еттунэн чэгиэн, сайдыылаах буолан спортка уЬулуччу ситиЬиилээхтэр. Кинилэр чэпчэки атлетиканан, тустуунан утумнаахтык дьарыктаналлар. Улуус, республика чиэЬин ситиЬиилээхтик кемускууллэр. Ырыа куттаах о5олоро улуустаа5ы, республикатаа5ы конкурстар лауреаттара, дипломаннара. Ытыс дохсун тыаьынан керсуе5ун 4 кылаас уерэнээччилэрин;
Васильева Арина
Васильева Кира
Винокуров Вадим
Дорофеев Мичил
Иванов Ваня
Иванов Петя
Кайгородов Гриша
Колодезников Алик
Обутова Аэлита
Обутова Люба
Парникова Нарыйаана
Петров Борис
Петрова Айта
Пинигин Артур
Попов Алик
Попов Витя
Уварова Аня
Харитонова Даяна
(4 кылаас о5олоро парадтаан киирэллэр).
Вед1: Алын суьуе5у бутэрэр выпускниктарбытын, 4 кылаас уерэнээччилэрин э5эрдэлииллэр 3 кылаас уерэнээччилэрэ. (Бэлэх туттараллар).
Вед1: Дохсун ытыс тыаьынан керсуе5уц орто суьуех выпускниктарын – 9 кылаас уерэнээччилэрин. Кылаас салайааччыта Сивцева Раиса Семеновна. Кылааска о5о уерэнэр. (9 кылаас о5олоро парадтаан киирэллэр).
Вед2: Бу кылааска баалар угус элбэх ситиьиилээх спортсменнар, улуус сборнайын хамаандатын чилиэннэрэ, ункууьуттэр, ырыаьыттар. Быйылгы уерэх сылыгар оскуола, нэьилиэк, улуус бары сыаналарын, буолбут кэнсиэрдэрин, мероприятияларын киэргэппит «Добун» хомусчуттар фольклорнай ансаамбыллара. Кылаас о5олоро уерэххэ тардыЬыылаах, кыЬамньылаах буоланнар, улуустаа5ы предметнэй олимпиадаларга угус элбэх призердаах.
Вед1: Э5эрдэ тылы этэр уонна 9 кылаас уерэнээччилэрин бастакы государственнай экзаменнарыгар киллэрии туьунан бирикээьи аа5ар оскуолабыт директора Павел Петрович Тимофеев.
Вед2: Орто суьуе5у бутэрэр выпускниктарбытыгар, 9 кылаастарга бэйэлэрин э5эрдэлэрин тириэрдэллэр 8 кылаас уерэнээччилэрэ. (Бэлэх туттараллар).
Вед2: О5о саастыын бырастыылаьар,
Олох суолугар уктэнэр
Тиьэх чуораан кунэ ууннэ –
Оскуоланы бутэрээччилэргэ.
Вед1: Билигин уруйдуу – айхаллыы керсуе5уц бугуццу кун сурун буруйдаахтарын – быйылгы выпускниктарбытын 11 кылаас уерэнээччилэрин. Кылаас салайааччыта Кайгородова Антонина Васильевна: (11 кылаас о5олоро парадтаан киирэллэр).
Бу тураллар биьиги иннибитигэр бугунну уеруу – кетуу буруйдаахтара, оскуоланы бутэрээччи 4 ньургун уолаттар, 4 кындыа кыталык кыргыттар. Быйыл 11 кылааьы 8 о5о бутэрэр. Тобулла5ас ейдеех, олоххо активнай позициялаах, билиигэ-керуугэ тардыЬыылаах кылаас. Араас хайысханан бэйэлэрин сайыннарар, инникигэ дьулуЬар о5олор. Ол курдук бааллар уерэх бастыцнара, «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференция призердара, кэскиллээх спортсменнар, художественнай самодеятельность активнай кыттыылаахтара.
Вед2: Кунду выпускниктар, быйылгы уерэх сыла тумуктэнэр кунэ тиийэн кэллэ. Уерэххитин тумуктуур бэлиэ куннут чуораан кунэ. Бу хас биирдии о5о5о умнуллубат тугэнинэн буолар. Выпускниктары государственнай экзамена киллэрии туьунан прикаьы кытта билиьиннэриэ уонна кэс тылын тиэрдиэ Павел Петрович Тимофеев.
Вед1: Тирээн кэллэ бу бугун
Уерэх – билии инэрбит
Сылаас дьиэ5ит кэриэтэ
Кунду буолбут эьиэхэ
Ойор куннээх о5о сааскыт
Умнуллубат биьигэ
Оскуолалыын арахсар
Долгутуулаах тугэннит.
Вед2: Кунду выпускниктар эьигини бу бэлиэ куннутунэн э5эрдэлии кэллилэр биьиги ытык-мааны ыалдьыттарбыт: _________________________________________________________________________
Вед1: Элэс гынан аастылар
Остуоруйа тэтиминэн
Уон биир сыллаах уерэххит.
Ейдуур – саныыр буоулуохтааххыт
Хайдах курдук уерэн – кетен,
Дьоннутунуун сиэттиьэн
Сибэкки дьербете тутуурдаах,
Оскуола5а киирбиккитин.
Вед2: Керсубутэ эьигини
Ийэлии эйэ5эс мичээрдээх,
Сытыары – сымна5ас майгылаах,
Букубаар, харандаас тутуурдаах,
Сурэ5ин сылааьын кытары
Туерт сыллаах сыралаах улэнэн
Сырдыкка, кэрэ5э угуйбут
Бастакы учуутал барахсан.
(Чуораан тыаьыыр)
Вед1: Тыл бэриллэр о5олор кунду киьилэригэр урумэлээх ууттуу У-ну, ыкса ыаллыы ЫА дифтону, хахха5а сыппыт Х-ны, ырдьыгынас Р-ы, сырдьыгынас Ш-ны, аа5а-суруйа уерэппит бастакы учууталларыгар Валентина Семеновна Дьяконова5а (э5эрдэ тыл этэр, лента кэтэрдэр)
Вед2: Бары выпускниктарга, уерэнээччилэргэ, учууталларга, тереппуттэргэ музыкальнай э5эрдэтин тириэрдэллэр улуустаа5ы уонна республиканскай ырыа курэхтэрин хас да тегуллээх кыайыылаахтара «Кулумчээнэ» о5о ырыа ансаамбыла. Салайааччы культура туйгуна Дьяконова Светлана Васильевна.
Вед1: Субу баар курдук кыраачаан о5олор аан бастаан оскуола боруогун атыллаабыттара. Номнуо 11 сыл ааста. Билигин керергут курдук элбэх билиилээх, утуе – мааны ыччаттар буола ууннулэр.
Выпускниктары э5эрдэлииллэр аны 10 сылынан оскуоланы бутэриэхтээх кылаас уерэнээччилэрэ.
Вед2: Кунду выпускниктары э5эрдэлииллэр, тилэх баттаьа иьэр 10 кылаас уерэнээччилэрэ.
Вед1: Сурунаал, кинигэ кыбынан,
Кылааска киирбитэ мичээрдээн,
Аргыыйдык ойууттан са5алаан
Уерэтэн барбыта куннэтэ.
Эчи мичээрэ сылааЬын,
Сацатын дор5ооно намыынын,
Кэпсиирэ да5аны кэрэтин.
Вед2: Кунду выпускниктар! Уерэммит сылларгытыгар уеруу, ситиЬии ерегейе, ыарахан да тугэннэр бааллара. Ону барытын тулуурдаахтык туораан – бугун эЬиги – ийэни, а5аны солбуйбут тапталлаах учууталларгытын кытта быраЬаайдаЬар куццут ууннэ. Бугун бука бары эЬигини кытта долгуйабыт, уерэбит, эЬигинэн киэн туттабыт.
Вед1: О5олоругар э5эрдэ тылын этэригэр кердеьуехэйиц кылаас салайааччытыттан Антонина Васильевна Кайгородоваттан.
Вед2: 11 сыл эьигини уерэппит, такайбыт учууталларгыт аатыттан э5эрдэ тылын этэригэр кердеьебут ________________________________________________________
Вед1: Оскуоланы бутэрээччи,
Эргиллэн кер эрэ:
Бу сыллар тухары
Эьиги эрэллээх эркиннит,
Ерегей да, хомолто да,
Уеруу да, туьуу да кэмигэр
Эьигинниин куруук бииргэ -
Кунду тереппуттэргит буолаллар.
Вед2: Выпускниктары э5эрдэлииргэ тыл бэриллэр тереппуттэр ааттарыттан Мария Николаевна Заровняева5а.
Вед1: 2004 сыл бала5ан ыйын 1 кунугэр дьэрэкээн сибэкки тутуурдаах, саца форма кэтэн кырачаан бэйэ5ит боччумуран, долгуйа уерэн, аан бастаан оскуола боруогун атыллаан – оскуола уерэнээччитин урдук аатын сукпуккут. Ол кэмтэн номнуо кей чыычаах кеппутунуу 11сыл ааЬа о5уста. Утуе – мааны тыллар кэннилэриттэн 11 сыл уерэппит о5олорбут, бугунну выпускниктарбыт харда тылларын истиэ5иц (выпускниктар э5эрдэлэрэ).
Вед2: θйгутун чочуйан, сытыылаан,
Экзамен эриирин туораарыц.
Уерэ5и, улэни таптааццыт,
Утуе, дьоЬун дьон буолаарыц!
Уйэлээх сааскыт тухары,
Урдуккэ, кэрэ5э дьулуЬуц! – диэн туран, выпускниктарбытын эдэр саас вальсыгар ыцырабыт! (Выпускниктар вальс уцкуулууллэр)
Вед1: Бу кэрэ тугэни бэлэхтээбит кырасыабай кыргыттарбытыгар, дуоспуруннаах уолаттарбытыгар махтанан туран ытыспыт тыаЬын бэлэхтиэ5иц.
Вед2: УЬун олох устатыгар
Сурэхтэн суппэтин
Оскуолабыт чуор куолаЬа
Умнуллубат тиЬэх чуораан. (чуораан тыаьаталлар)
Вед1: УЬун айацца
Уйгулаах олоххо
Алтан чуораан
Алыптаах тыаЬа
Айаццытын ал5аатын.
Вед2: Тиьэх чуорааны чугдаардар чиэс тиксэр оскуолабыт бастын выпускниктарыгар Надя Петрова5а уонна Федя Дьяконовка.
Вед1: Алтан чуораанынан чугдааран,
Аастылар уерэммит сылларгыт,
Бутэьик чуораанынан лынкынаан
Буттулэр о5о саас кэмнэргит.
Билиигэ, керуугэ ба5а5ыт
Биллэ илик суоллары арыйдын,
Кэнэ5эс оскуола кыьа5ыт
Киэн тутта ааккытын ааттаатын.
Вед2: Уерэх сылын тумугунэн «Лучший класс года» диэн номинацияны туттарарыгар тыл бэриллэр _________________________________________________
Вед1: «Лучший родительский комитет» номинация кыайыылаахтарын этэригэр тыл барар ________________________________________________________________
Вед2: Манан «Бутэьик чуораан» уеруулээх чааьа тумуктэнэр. Оскуолабыт 2015 сыллаа5ы выпускниктарын бутэьик уруокка ынырабыт.
Вед1: Ба5арабыт улэ5итигэр, тус олоххутугар сацаттан саца са5ахтары. Санаабыккыт салалла туруохтун, оцорбуккут олохтонон иЬиэхтин! Дьиэ кэргэттэргитигэр угус утумэн уерууну-кетууну, дьолу-соргуну!
Дата – 22 мая 2015 года
Начало – 11 ч.
Место – спортзал школы
Ответственные за оформление зала – Лукина В.Н., Лукин М.И., Захарова С.С.
10 класс, кл. рук.Наумова А.И.
Объявление – актив школы
«Бутэьик чуораан» торжественнай чааьын программата:
Атын кылаастар эрдэ сааьыланан тураллар.(1,2,3,5,6,7,8,10.)
4 кылаас о5олоро киирэллэр.
3 кылаас 4 кылааска э5эрдэтэ
9 кылаас.
Директор тыл этэр.
8 кылаас – 9 кылааска э5эрдэтэ.
11 кылаас.
Директор тыл этэр.
Ыалдьыттар тыл этэллэр.
Маннайгы учуутал тыл этэр
Муз.э5эрдэ.
1 кылаас – 11 кылааска э5эрдэтэ
10 кылаас – 11 кылааска э5эрдэтэ.
Кылаас салайааччыта – Кайгородова А.В.
Учуутал
Тереппуттэр.
Харда тыл – 11 кылаастар.
11 кылаастар вальстара.
Бутэьик чуораан тыаьыыр.
videouroki.net
Сценарий выпускного вечера в детском саду "Остуоруйа дойдутугар айан"
Автор сценария: Сивцева Валентина Михайловна, музыкальный руководитель МБДОУ «ЦРР №1 «Хатынчаана» с.Аппаны» Намского улуса.
Выпускной бырааьынньык сценарийа.
«Остуоруйа дойдутугар айан»
Сыала: О5олорго, тереппуттэргэ уонна педагогтарга бырааьынньыктаа5ы настарыанньаны уескэтии.
Оруоллар:
Мэри Поппинс
Аптаах Фея
Бере
Кыьыл бэргэьэчээн
Хаппырыыс принцесса
Учуутал
Сыыпаралар
Губка Боб
Патрик
Три поросенка
Буратино
Незнайка
Бырааьынньык хаамыыта:
МП: Утуе кунунэн убаастабыллаах тереппуттэр, бииргэ улэлиир коллегаларбыт, ыалдьыттар. Бугун биьиэхэ уеруулээх, саамай кэтэьиилээх кун.
Детсадпытын бутэрэн,
Номнуо улахан дьоммут
Оонньуурдарбын кичэйэн,
Долбуурбар сааьылаан ууруо5ум.
Кинигэбин, уруучкабын,
Суумкабар угуо5ум
Оскуола5а аанын аьарбын
Долгуйа куутуе5ум.
Фон музыка.
О5олор иккилии буолан пааранан сиэттиьэн киирэллэр.
1. Вальс
2. Хоьоон «Кундуттэн кунду кылаат»
Лева1.Тоьолоох да кун тубугэр
Тэннэммэт ыар сыаналаах
Кундуттэн кунду кылаат
Баар уьу кун сиригэр.
Коля
4.Ол кылааккын дьонно ыьыан -
Уон оччонон элбээн кэлиэ,
Урут уоьэ мунньа сатыан –
Оруутун чэпчээн иьиэ!
Диана
Оннук кылаат кун сиригэр
Суос-со5отох!
Кини аата – Билии!
Кор кинигэн ыскаабыгар
Сытар сир бастын кылаата.
Дарина
2.Кинини уот кыайан сиэбэт,
Уу да сатаан тимирпэт,
Киртэн – бохтон киртийбэт,
Кэмтэн – дьылтан эргэрбэт.
Алина
5.Ол кылаатын тыыннаахтар
Ханна барыан - батыьыа,
Хаьан туохха наадыйаргар
Толук буолуо, абырыа.
Игнат
3.Ол кылаат – аптаах кылаат,
Уоруйах да булан уорбат,
Ороспуонньук талаабат,
Албастаах да албыннаабат.
Миша
6.Оннук кылаат хаьаайына
Куустээхтэн бастын куустээх,
Быьыйтан чулуу быьый,
Котуо наада буолла5ына.
МП: Праздник для нас очень важный сегодня
День выпускной настает.
Жаль, что уходим из детского сада
Осенью школа нас ждет.
3. Макарова Кристина «Мы теперь ученики»
4. Ырыа «Уерэнэ барабын» Н.Макарова мел.
Музыканан о5олор миэстэлэригэр бараллар.
Музыка тыаьыыр. Мэри Поппинс киирэр.
МП: Утуе кунунэн, кырачаан до5отторум! Эьиги мин ким буоларбын билэ5ит дуо?
О5олор эппиэттэрэ.
МП: Соп , маладьыастар мин Мери Поппинс остуоруйа дойдутун иитээччитэ буолабын. Ол гынан баран мин остуоруйаны киэьээ кэпсиирбин собулуубун. Киэьээ остуоруйа оссо аптаах куустэнэр, онно дьэ миигин ыныраарын. Мин эьигини барыгытын остуоруйа аптаах дойдутугар куулэйдэтиэм.
ЫЫ: Мери, баьаалыста билигин биьиэхэ остуоруйата кэпсээ, биьиги улаатаммыт тапталлаах детсадпытыттан барар чааспыт тиийэн кэллэ.Аны куьун оскуола боруогун атыллаары сылдьабыт.
МП: Аата учугэйин, улахан дьон буолбуккутунан э5эрдэлиибин. Оскуола диэн билии дойдута! Ол эрэн, эьиэхэ остуоруйа кэпсиирбэр аптаах зонтиктарым наадалар.
5. Зонтиктаах ункуу ( кыргыттар )
МП: Бу мин аптаах зонтиктарым, хас биирдиитэ остуоруйа тыыннаах. Бастакы зонтигы ере кото5обун , бэйэм урдугэр эргитэбин. Зонтик-зонтик эн эргий остуоруйа дойдутугар эн илдьиий. Уой, то5о табыллыбат
ЫЫ: Ээ мин ойдоотум, аптаах остуоруйа сырдыкка кэлбэт. Остуоруйа мээнэ кэпсэммэт. Остуоруйа киьи дууьатын уоскутар сулустары, ыйы куутэр уонна чуумпуга кэпсэнэр.
Музыка тыаьыыр Аптаах Фея киирэр.
Аптаах Фея: Утуо кунунэн, мин аптаах Феябын! Ханнык бириэмэ эьиэхэ нааданый? Туун дуу, кунус дуу? Кемелоьуохпун соп.
М.П: Биьиэхэ киэьээтэ ордук этэ.
Аптаах Фея: Соп, кыьаллан коруом.
(ере тыынар, турукка киирэр, аптаах палочкатынан дайбыыр)
Куох киэьээ эн биьиэхэ котон кэл.
Ый суола остуоруйа дойдутун сырдат.
Туннуктэри сабаллар, фонаригынан зеркальнай шары тыктараллар.
МП: (зонтик ылар). Аптаах зонтикпын оро кото5он тула эргитэбин, буукубалар тургэнник костон аастылар. О5олоор, аахтыгыт дуо зонтикпыт суругун?
(зонтикка « Кыьыл Бэргэьэчээн» диэн суруктаах).
МП: Тэннэ аа5ыахха!
Музыканнан Боро суурэн киирэр. Ененнуур, тугу эрэ кердуур курдук.
Боро: Кыьыл Бэргэьэчээни куутэр ер буолсу. Салбанар уонна иьин имэринэр. ААА, тоттохпууун!
Музыканнан Кыьыл Бэргэьэчээн суурэн киирэр.
Кыьыл Бэргэьэчээн: Борочоон, эн тугу гына сылдьа5ын? Эйиигин манна кэтэьэллэр (тарба5ынан ааны ыйар)
Боро: Кимнээх? ( боро куттанар)
Кыьыл Бэргэьэчээн: Булчуттар кэтэьэн тураллар! (Кулэ-кулэ борону аан диэки аанньар).
Боро: Кыьыл Бэргэьэчээн, бырастыы гын! Эйэлэьиэх!!! Аны мин эйиигин хаьан да куттуом суо5а! (тобугар турар).
Кыьыл Бэргэьэчээн: Бырастыы гынарым дуу, бырастыы гымматым дуу? (толкуйдуур)
Бу олорор кыраьыабай о5олор биьигини кытта ункуулээтэхтэринэ биирдэ бырастыы гыныам.
Бере: Чэ о5олоор бары кэлин! Уоруоххэ-котуоххэ, ункулуоххэ.
6. Ункуу: Флешмоб
Кыьыл Бэргэьэчээн: Соп, соп чэ бырастыы гынабын, бэрэдэкэтээх буолуон диэн эрэнэбин.
Тахсан бараллар.
МП: Иккис зонтигы ылабын, уеьэ тутан эргитэбин! Сана остуоруйаны куутэбит!
Музыканнан Хаппырыыс Принцесса уонна учуутал киирэллэр.
Принцесса: Мин эйиэхэ этэбин дии - уорэниэхпин БА-5АР-БАП-ПЫН! (хобулугунан муостаны тонсуйар).
Учуутал: Уерэх баар бараммат баай! Хайаан да уорэниэххин наада, уорэммэтэххитинэ биир да5аны королевскай бирикээьи сатаан аа5ыан уонна илии баттыан суо5а.
Принцесса: Оол эмиэ туохха нааданый? Миэхэ барытын билэр, сатыыр, уерэтэр эн бааргын дии. Учуутал: Сеп, ол гынан баран мин сааьыран иьэбин, пенсия5а тахсар сааьым кэллэ.
Принцесса: Пенсия игин диэмэ! Билигин да доруобайгын уонна куустээххин. Ыл эрэ илиигин уоьээ таьаар, онтон туора (учуутал барытын хатыылаан иьэр).
Наьаа учугэй! Билигин марштаан хаамыахха,онтон сууруоххэ!
Олус учугэй билигин да 50 сыл сулууспалыаххытын соп!
Учуутал: (сылайбыт куолаьынан) Онтон, Принцесса…
Принцесса: Суох, тугу истибэппин. Миигин бэйэн курдук ойдоох оноруоххар диэри сулууспалыын!
Учуутал: Мин курдук ойдоох буоларга элбэхтик уорэниэххэ наада. Онно комолоьуо биьиэхэ Азбука!
Принцесса: Туох-туох? Азбука да? (азбуканы ылан арыйар уонна ойдооботохтук корутэлиир уонна хомойор). Оо, мин сатаан аахпаппын дии.
Учуутал: Чэ, наьаа хомойума. Бу олорор о5олор буукубалары билэр буолуохтаахтар. Кинилэртэн ыйытыахха.
Хоьоон «Билэр букваларым».
Учуутал: Билигин ахсаан уруога. 2+2= хас буолар? (Мольбертка мелынан суруйар)
Принцесса: Билбэппин, миигин хаьан да ахсаан интириэьиргэппэт этэ (хомойбут курдук туттар). Онтон эйиигин?
Учуутал: Интириэьиргэтэн бо5о буолла5а дии. 2+2=4.
Принцесса: Арай мин этиэм: 2+2=5 уонна бирикээс таьааран баран улахан да улахан бэчээт туруордахпына? То5о ол 2+2= хайаан да 4 буолуохтаа5ый?
Учуутал: Суох, оннук хайдах да табыллыбат. 2+2=4 бу науканнан дакаастанан турар!
7. Ункуу «Сыыппаралар ункуулэрэ»
Принцесса: О5олоор, эьиги наьаа ойдооххут эбиккит. Мин эьигини кытта оскуола5а барыахпын ба5арабын. Миигин илдьэ барыаххыт дуо?
ЫЫ: Принцесса, биьиги эйиигин уерэ-кото бырааьынньыкпытыгар ынырабыт уонна оскуола туьунан хоьоон бэлэхтиибит.
8. Хоьоон «Оскуола дорообо» Э. Игнат
ЫЫ: Мери салгыы остуоруйа дойдутугар айанныыбыт дуо?
МП: Айанныахха, аптаах зонтик эргичий, остуоруйа дойдутугар эн илдьиий!
Музыканнан Губка Боб уонна Патрик киирэллэр.
Губка Боб: Утуо кунунэн!
Патрик: Норуон норгуй!
Губка Боб: Патрик, керууй! Биьиги манна Сана дьылга кэлэ сылдьыбыппыт дии!
Патрик: Кырдьык да5аны, билэр о5олорбут олороллор. Сана дьылтан кэнниттэн быдан улааппыттар.
Патрик: Эьиги остуола5а баран эрэргитин истэн э5эрдэлии кэллибит.
Губка Боб: Оскуола5а барар о5о элбэ5и билиэхтээх. Билигин биьиги эьигини бэрэбиркэлиэхпит.
Патрик: 1. Сэттэ куоска хас кутуруктаа5ый? (7).
2. Биэс о5о хас кул5аахтаа5ый? (10).
3. Куелгэ ус кус уста сылдьыбыт. Эбии биэс кус кетен кэлбит. Куелгэ уопсайа хас кус кэлбитий?(8)
Губка Боб: 4. Хатынна биэс яблоко уунэн турар. Турах кетен кэлэн 2 яблоконы сиэн кэбиспит. Хас яблоко хаалбытый? (хатынна яблоко ууммэт).
5. Кустук хас еннее5уй? Ааттаталаан.
Патрик: Наьаа да маладьыас о5олор! Оскуола5а барарга бэлэм эбиккит!
Тахсан бараллар.
МП: Тордус зонтикпын илиибэр ылабын, тогуруччу эргитэбин. Остуоруйа дойдутугар ынырабын!
Ус сибинньэ «Три поросенка» музыканнан ункулуу–ункулуу киирэллэр
Наф-Наф: Утуо кунунэн!
Ниф-Ниф: Приветтарын!
Нуф-Нуф: Дорооболорун! (бэйэ-бэйэлэрин кытта «дай пять» дэьэллэр уонна еттуктэринэн, атахтарынан приветтэьэллэр)
Наф_Наф: О5олоор, эьиги оскуола5а уорэнэ баран эрэр уьугут дии, маладьыастар!
Ниф-Ниф: Мин эмиэ оскуола5а уорэниэхпин наьаа ба5арабын.
Нуф-Нуф: Мин улахан да улахан таас оскуола5а уорэниэхпин ба5арабын!
Наф-Наф: О5олоор оонньуохха эрэ, биьигини кытта. Саамай тупса5ай керуннээх оскуоланы тутуохха.
Оонньуу: «Оскуола тутуута» (Сымна5ас легонан)
МП: Зонтикпын эргитэбин, остуоруйа5а кэлэбит.
Музыканнан Буратино уонна Билбэччэй киирэллэр.
Буратино: Дорооболорун! Бу биьиги ханна–ханна кэллибит?
МП: Утуо кунунэн! Бугун биьиэхэ бырааьынньык, о5олорбутун оскуола5а атаарабыт.
Билбэччэй: Оскуола5а даа, оскуола диэн туохха нааданый?
Буратино: Дии, уорэммэккэ куну быьа оонньуу-оонньуу сылдьар учугэйиин.
МП: «Уорэ5э суох, хара5а суох» диэн мээнэ5э эппэттэр. Уорэннэххитинэ эрэ аа5ар уонна суруйар буола5ыт. Учугэйдик кыьаллан уорэннэххитинэ куруук «4» уонна «5» сыаналарга уорэниэххит.
Хоьоон «Биэһи ыллахпына» Дарина Лыткина
Буратино: Мин уорэнэн, «4» уонна «5» сыананы ылыахпын ба5ардым. Аны куьун оскуола5а барар эбиппин.
МП: Маладьыастар, куьун сана форма кэтэн, сана суумка сугэн оскуола5а кэлээрин.
Буратино: Форма даа, суумка даа?
Билбэччэй: Ол эмиэ то5о?
МП: Ол то5о уонна туохха наадатын о5олор ыллаан иьитиннэриэхтэрэ.
Ырыа «Чему учат в школе».
Билбэччэй: Аа, дьэ ейдеетум оскуола туохха наадатын.
Буратино: Оскуола5а барарбар туох нааданый?
МП: Туох наадатын билигин «Уорэх тээбиринин хомуй» диэн оонньууттан билиэхпит.
Оонньуу « Уорэх тээбиринин хомуй»
(туттуллар матарыйаал араас предметтар, уорэх тээбиринэ, 2 рюкзак).
Буратино: Оо, эьиэхэ кэлбэтэхпит буоллар, уорэх тээбиринин туьунан тугу да билиэ суох эбиппит дии!
Билбэччэй: Аны куьун бэлэмнэнэн, уорэх тээбиринин сопко тэринэн, оскуола5а кэлиэхпит. Корсуоххэ диэри!
Тахсан бараллар.
МП: О5олоор, остуоруйа дойдутугар айаммыт манан тумуктэнэр. Зонтикпыт ахсаанын аайы араас остуоруйа геройдарын кытта керустубут. Аны куьун суумка сугэн оскуола боруогун атыллаан, наар «4» уонна «5» сыана5а уерэнин диэн ба5а санаабын этэбин. Оскуола5а уерэнэ сылдьан тапталлаах детсадкытын, иитээччилэргитин, улэьиттэри умнуоххут суо5а диэн эрэнэбит.
О5олор махтал тыллара.
Алина: Истин иитээччилэрбэр ______________________________________ баьыыба бастынын этэбит.
Дарина: Куус кеме буолбут, ийэлии буебэйдээбит иитээччи кемелеьееччулэригэр ____________________________________________________ итии-истин э5эрдэ!
Степа: Бэриинэбит мэлдьи ыраас, сотторбут сымна5ас, кыьамньылаах прачка5а __________________ махтал! Амтаннаах минньигэс астаах поварбытыгар ___________________________ айхал-мичил буоллун.
Диана: Детсаппытын харабыллыыр тутаах улэьиттэрбитигэр _________________________________________ дор5оонноох дорообо!
Лева: Булааччы-талааччы, аьынан-оонньуурунан хааччыйааччы ______________, детсад таьа еруу ыраас, алдьаммыты абырахтааччы, тутах киьибит ______________ бар5а махтал!
Айта: Ырааьы керер, доруобуйабытын харыстыыр-бе5ергетер __________________ махталбыт мунура суох.
Кристина: Большое спасибо нашему психологу _____________ за помощь, поддержку и участие. Выражаем большую благодарность логопеду ___________________за терпение и труд!
Миша: Ыллырга-ункуулуургэ, туттарга-хаптарга уерэппит, эппитин-хааммытын эрчийбит ______________________________ уонна _______________________ бар5а-мааны махталбытын, ба5а санаабыт бастынын этэбит.
Игнат: Аа5ар-суоттуур идэлээх, кыьамньылаах улэьиккэ __________________________, сепке уунэн-сайдан тахсарбытын мэлдьи былаанныыр, хонтуруоллуур, субэлиир-амалыыр старшай иитээччигэ __________________________ ба5а санаабыт баара5айын анаатахпыт буолуохтун.
Коля: Детсадпытын салайар, сырдыкка-кэрэ5э уьуйар, тапталлаах сэбиэдиссэйбитигэр _____________________________ сахалыы сайа5ас э5эрдэ, уранхайдыы уйа5ас уруй!
Бары: Махтанабыт детсадка, элбэх билиини биэрбиккэр, о5о саас уеруутун толору билбиппитигэр.
МП: Тылы биэрэбит детсад заведующайыгар _____________________________.
Фанфар. «Выпускник детского сада» лента иилээьинэ.
МП: Тылы биэрэбит тереппуттэргэ.
Фанфар.
МП: Барыгытын хаартыска5а туьуугэ ынырабыт.
ПРОГРАММА
1. Вальс.
2. Хоьоон «Кундуттэн кунду кылаат».
3. Макарова Кристина «Мы теперь ученики».
4. Ырыа «Уерэнэ барабын» Н.Макарова мел.
5. Мэри Поппинс киирэр.
6. Зонтиктаах ункуу ( кыргыттар ).
7. Аптаах Фея киирэр.
8. Туннуктэри сабаллар, фонаригынан зеркальнай шары тыктараллар.
9. Бере уонна Кыьыл Бэргэьэчээн.
10. Ункуу: Флешмоб.
11. Музыканнан Хаппырыыс Принцесса уонна учуутал киирэллэр.
12. Хоьоон «Билэр букваларым».
13. Ункуу «Сыыппаралар ункуулэрэ».
14. Хоьоон «Оскуола дорообо» Игнат Эверстов.
15. Губка Боб уонна Патрик.
16. Три поросенка.
17. Оонньуу: «Оскуола тутуута».
18. Буратино уонна Билбэччэй.
19. Хоьоон «Биэһи ыллахпына» Дарина Лыткина.
20. Ырыа «Чему учат в школе».
21. Оонньуу « Уорэх тээбиринин хомуй»
22. О5олор махтал тыллара.
23. Заведующай тыл этиитэ.
24. «Выпускник детского сада» лента иилээьинэ.
25. Тереппуттэр тыл этэллэр.
26. Хаартыска5а туьуу.
infourok.ru
Сценарии | Социальная сеть работников образования
Детсат банкетын сценарийа
Ыытааччы: О5олор барахсаттар
Сырдык күн сибэккилэрэ
Чыычаахтарбыт, ымыыларбыт
Быытыкайкаан о5олорбут.
(Музыка тыаһыыр, о5олор уол+кыыс буолан илиилэриттэн тутуһан киирэллэр. Вальс үңкүүлүүллэр.)
Ыытааччы: - Бүгүн үөрүүлээх күн буолла. Биһиги кырачаан о5олорбутун үөрэх-билии аартыгар атаарар кэммит кэллэ. Онон бу дьоллоох түгэнинэн итиитик-истиңник э5эрдэлиибит! Уонна бу күн буруйдаахтарын сыана5а ыңырарбытын көңүллээң: _____________________________________________________________________________
(Бары сиэттиһэ сылдьан чуораан тыаһаталлар)
Ыытааччы: - Детсад бүтэһик чуораана тыаһаата, үөрэххэ бастакы хардыылары оңорбут биһиккититтэн, өссө биир үктэли дабайан, оскула боруогун атыллыаххыт. Онон бүгүн эһигини үөрэх-билии аартыгар атаарар улахан бырааһынньык. Тапталлаах биһикпит, детсаппыт туһунан үтүө өйдөбүллэри, сырдык мичээрдэри, о5о саас быстыспат ситимин курдук ыраас санаалары хаалларарын туһугар биэчэрбитин аныа5ын.
Бүгүн биһиэхэ ыалдьыттыы кэллэ Эһиги бары билэр о5о5ут Антошка. Дохсун ытыс тыаһынан көрсүң!
(«Антошка» музыка тыаһыыр, Антошка ырыа ыллыы-ыллыы киирэр.)
Антошка: - Үтүө күнүнэн! Бырааһынньыккытынан э5эрдэлиибин!
- Оонньуур күлэ-о5олордоох
Олус кэрэ оонньуулардаах
Детсад! Детсад!
Сылаас манан сырдык дьиэлээх,
Алама5ай иитээччилээх
Детсад! Детсад!
- Билигин кырачааннарбыт ииппит-үөрэппит, сырдыкка уһуйбут детсатарын туһунан хоһооннорун аа5ыахтара.
(О5олор хоһоон аа5аллар)
Ыытааччы: - Быйылгы выпусниктарбыт олус диэн көхтөөх, олус диэн талааннаах о5олор. Кинилэр араас күрэхтэргэ кыттан, детсаттарын чиэһин, аатын ааттаттылар.
(Слайд холбонор. Ыытааччы о5лор тустарынан характеристика аа5ар)
Антошка:- Бүгүңңү дьоро күммүтүн киэргэтэ кэллэ Буратино. Бары бииргэ ыңырыахха эрэ Бу-ра-ти-но! Бу-ра-ти-но!
(Буратино киирэр ырыа ыллыыр, акробатикалыыр) Буратино: - Дорооболорун, о5олоор!
О5о-о5о эрдэххэ
Оонньоомохтоон хаалыа5ын,
Эдэр-сэнэх эрдэххэ,
Этэн-тыынан биэриэ5ин,
Санаар5аахтаан сылдьарбыт
Сатаммата буолаарай,
Оонньуу-көрүлүү сылдьарбыт
Ордуктуура буолаарай?
- Чэ, о5олоор, анны эһиги кэнсиэргитин көрүөххэйиң эрэ. Оонньуохха-көрүлүөххэ, ыллыахха- туойуохха.
(О5олор кэнсиэрдэрэ)
(Сыана5а Кыһыл Бэргэһэчээн уонна Мальвина кэпсэтэ тураллар)
(Почтальон Печкин киирэр. Илиитин өрө ууммут, илиитигэр суруктаах)
Почтальон Печкин: - Бол5ойун! Бол5ойун! Ыңырыы сурук! Телеграмма! Кыһыл Бэргэһэчээңңэ уонна Мальвина5а! Кыргыттар! (Тулатын көрөр)
Мальвина:- Уой, ити биһиэхэ дии. Манна. Манна. (Илиитин далбаатыыр, ытыһын охсунар, наһаа үөрэр, биир сиргэ ыстаналыыр)
Кыһыл Бэргэһэчээн: - Айдаарыма!
Хомун, Мальвина!
Дестакка бардыбыт
Бүгүн онно, бүгүн онно
Бырааһынньык буолар о5лорго.
(Кыһыл Бэргэһэчээн, Мальвина танастарын көрүнэллэр. Баттахтарын имэринэллэр)
Кыһыл Бэргэһэчээн – Чэ,бардыбыт.
(Сыанаттан тахсан о5лорго кэлэллэр)
(Кыһыл Бэргэһэчээн ырыа ыллыыр, дьиэрэңкэйдиир. Мальвина үтүктэр)
Мальвина:-Уой, наһаа элбэх о5о баар дии.
Кыһыл Бэргэһэчээн – Биһиги детсакка кэллибит.
Иккиэн: - Дорооболорун, о5олоор!
Кыһыл Бэргэһэчээн- Билсэн кэбиһиэххэйин, мин, Кыһыл Бэргэһэчээммин. Онтон бу дьүөгэм Мальвина диэн Эһиги ааккыт кимий?
(О5олорго чугаһаан ааттарын ыйыталаһар) Антошка: - Билигин барыгытын минньигэс астаах остуолга ынырабыт. Минньигэстик аһаан! Ол кэмнэ биһиги оонньуу ыытыахпыт, эһиги онно көхтөөхтүк кыттаарын. Таабырын таайсаргытын сөбүлүүгүт дуо?
1 таабырын: - Кутуйахсыт аатырабын
Алта буукубанан суруллабын (куоска)
2 таабырын: - Сэлээппэтин устубат туох баарый? (тэллэй)
3 таабырын: - Аһаатар да астыммат
Сиэтэр да топот баар үһү (оһох)
4 таабырын: - Түөрт о5о биир бэргэһэлээх үһү (остуол)
5 таабырын: - Куттанара эрэ куоска
Мананара эрэ маска
Соһуйара эрэ сохсо
Чачайара эрэ чааркаан (кутуйах)
Буратино: - Аны билигин хоһооңңо суруллубут о5ону үтүгүннэрэн көрдөрүөххэйин эрэ. Холобур, маннык «Мэ» диэтххэ, мэлэс гынар, «ыл» диэтэххэ, ымах гынар, «кулу» диэтэххэ, курус гынар, «а5ал» диэтэххэ антах хайыһар.
(Буратино мимикатын бастаан бэйэтэ көрдөрөр)
- Туттаран туран балыырдаах
Көрдөрөн туран куотуулаах
Билбэт,
Мэлдьэх Микиитэ –
Биллэр халлаан киһитэ.
-Кэһии гынаары хаһааммыт
Кэмпиэппин ким сиэтэ?
Уоһун кэмпиэккэ дьабайбыт
Онно турар Микиитэ:
-Билбэппин… уоспар сыбаммыт
Килиэп кирэ…-эрэ диэтэ.
- Чэ, эрэ о5олоор, бу хоһооңңо хайдах туттуохха сөбүй? Ким көрдөрөр?
2. Хайа, бу туох сарылыыр,-
Ынах курдук манырыыр?
-Ынах, о5ус буолбатах,
Ытанньах кыыс Марыыска
Ытаан-соноон сыныргыыр,
Ырбаахытынан соттунар.
3.Быыкаа Ньыыкаа
Бытыын-бытаан
Тураат ытаан
Туй-май ыытар
Ай-уй тыллаах
Айдаан кыысчаан
4.Элэсттээн эккирээн,
Эһэтин, эбэтин
Эймэтэн,
Эдьиийдиин этиһэн,
Хаһыытаан-баргыытаан
Хардарсан-саңарсан
Хахайдыы сананар
5.Батта5ын кырыйаары гын,-
Сарылыыр,
Сирэйин сууйаары гын,-
Марылыыр.
Куруук үчүгэйтэн, ыраастан
Куттанар…
Кыһыл Бэргэһэчээн – Аны маннык оонньуохха. «Кыыл хайдах саңарар?» диэн оонньуу. Мин кыыл аатын этэбин, эһиги илиигитин уунан, кини хайдах санарарын этэ5ит.
- Куоска, куурусса, кутуйах, о5с, бөрө, бөтүүк, ньирэй, кэ5э, ынах, чыычаах, баран, ат, осёл.
Мальвина:- Аны икки хамаанданан оонньуохха. 1 хамаанда – «Чыычаахтар», 2 хамаанда- «Кыыллар». Ол аата мин чыычаахтыы санардахпына, эбэтэр мин санарбыт санам көтөр киэнэ буолла5ына, «Чыычаахтар» хаманда олороллор. Оттон арай чыычаах санатыгар кыыллартан ким эмит олордо5уна, ол киһи туоруур. Оттон кыыллыы, ол эбэтэр мин санарбыт санам 4 атахтаах кыыл киэнэ буолла5ына, «Кыыллар» хамаанда олорор. Холобур, чыып-чаап («Чыычаахтар» олороллор) ам-ам («Кыыллар» олороллор)
(Кыыллар, чычаахатр саңаларын саңарар.)
Антошка: - О5оло анны төрөппүттэрбитин кытта оонньуохха. Кинилэр иистэнэллэрин олус диэн сөбүлүүллэрэ буолуо. Быраабылата: Ийэ5ит иистэнэр массыынаны эрийээччи, эһиги (о5олор) иннэ буола5ыт. Мин «тук-тук» диэн санардахпына, иистэнэн бара5ыт. Манна хаачыстыба уонна тиэмпэни сөпкө истэргит сыаналанар. Кыайыылаа5ы көрөөччүлэр быһаараллар.
Буратино: - «Да, да» диэн оонньуу. О5олоор, кэлин эрэ. Считалка көмөтүнэн биир о5о талыллар. (кругунан эргийэ сылдьан барыларыгар боппуруос бэриллэр) Чэ, холобур, «Эн оскуола5а үөнэ5ин дуо?»
Эн үөрэммэккин эрээри «аһаа» диигин, биһиги эһигини араас боппуруос биэрэн бутуйабыт, ол эрээри эн «аһаа» дииргин кубулуо суохтааххын.
-Эйиэхэ кутуруктааххын дуо?
-Эн ложканан сатаан аһыыгын дуо?
-Эн бэ5эһээ страуска олорсубут үһүгүн дии?
-Эн самолекка хатааһылаабытын дуо?
-Эн былырыын бегемоту кытта сөтүлээбит үһүгүн дии?
-Эн табаарыһын турах үһү дии?
-Эн сибиинньэни кытта утуйа5ын дуо?
-Эн ийэн эмиийин эиэр үһүгүн дии.
Эн муннун наһаа улахан эбит дии.
Эн атааххын да?
Кыһыл Бэргэһэчээн: -Билигин «Сиэкилэ» диэн оонньуу. Манна 1 о5о, 1 төрүппүт тахсар. Быраабылата: Утарыта олоро5ут. О5ото тугу гыммытын ийэтэ үтүктэн иһэр. Сыыһа тутунна да туорууллар.
Мальвина:-Аны мин, анны мин оонньуу оонньотобун. Киһиргэстэр куонкурустара диэн. Быраабылата: бары төгүрүччү олоробут. Аттыбытыгар олорор соседпытын хайгыыбыт да хайгыыбыт. Холобур, кини – наһаа үчүгэйдик ыллыыр, наһаа түргэнник сүүрэр, олус кыраһыабай. Бары киһиргээн бүппүттэрин кэннэ, саамай үчүгэйдик соседын кэпсээбит киһини о5олор талаллар. (Оонньуу бүтэһигэр о5олортон ыйыталлар тугу сөбүлээбитин: соседын туһунан киһиргиир дуу, эбэтэр кини туһунан кэпссиллэрин астыммыт дуу)
Антошка:- «Арай» диэн оонньууну оонньуубут дуо? Мин ыйытыы биэрдэхпинэ эһиги көрдөөхтүк, көрүдьүөстүк эппиэттиигит.
- Арай, былыттар быалаах буолуннар, ол быаны тартахпытына… сакалаат бө5ө түһэр. Оччо5о эн хайыан этэй?
-Арай, о5лор великан, улахан дьоннор карлик буоллуннар?
- Арай, массыына кэннинэн айанныыр буоллун?
- Арай, мастар бары шоколаднай мастар буоллуннар?
-Арай, ковер-самолеттаах буоллубут.
Быраабылата: ким саамай көрдөөхтүк эппиэттээбит ол кыайар.
Буратино: - Сүүрүөххүтүн-көтүөххүтүн ба5ара5ыт дуо? «Кыыллар сүүрүүлэрэ» диэн оонньуубут дуо? 2 хамаанда5а арахса5ыт.
- тур «Слоннар сүүрүүлэрэ» (слон курдук тыастаахтык хаамаллар, илиилэрэ – хобот, илиилэринэн дайбыыллар.)
- тур «Чарапаахылар марафоннара» (4 атах буолан сүүрүү)
- тур «Куобахтар сүүрүүлэрэ» (ыстана, куобах)
- Тур «Эриэн үөн» (хамаанда бары эриэн үөн курдук эрийэ-буруйа сүүрэллэр)
Кыһыл Бэргэһэчээн – Төрөппүттэри кытта остуоруйа таайсабыт. Дьэ, ким ордук элбэх остуоруйаны билэр эбитий: о5олор дуу, төрөппүттэр дуу.
- Грецкэй эриэхэ иһигэр батар кыысчаан. Кини жаба, крот кэргэн ыла сатаабыттара. (Дюймовочка)
- Океан түгэ5ин принцессата. (Русалочка)
- Саха остуоруйаларын абааһыта, 1 харахтаах, 1 атахтаах. Аата кимий? (Алаа Монус)
- 5 хааһы анардааһын, үллэстии туһунан остуоруйа аата («Уустук үллэрии»)
- Кыһыл көмүс сымыыты сымыыттаабыт куурусса аата кимий? (Ряба)
- О5онньордоох эмээхсинтэн куоппут бурдук аһа тугуй? (колобок)
- 5 ынахтаах эмээхсин аата? (Бэйбэрикээн)
- Мууска охтон түспүт эмээхсин аата? (Таал-таал)
- Колобок бөрө кэнниттэн кими көрсөрүй? (Эһэ)
- Сэттэ гномиктаах кыыс аата? (Белоснежка)
- Биир кып-кыра уолчааны о5ус сиэн кэбиспит. Ийэлээх а5ата көрдөөн-көрдөөн о5ус иһиттэн таһаараллар. Ол ууол аата? (Мальчик с пальчик)
- 5 ынахтаах эмээсин кыыһын ким кэргэн ыларый? (Хаардьыт Бэргэн)
- Кырынаас кутуруга то5о хараламмытай? (О5онньо арыытын уоран сиэн кэбиспитин иһин, оһох буккуйарынан саайар)
Түмүк.
nsportal.ru